Ааспыты санатар саһарбыт суруктар | Статья в журнале «Молодой ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Библиографическое описание:

Куприянова, В. С. Ааспыты санатар саһарбыт суруктар / В. С. Куприянова. — Текст : непосредственный // Молодой ученый. — 2016. — № 29.1 (133.1). — С. 45-48. — URL: https://moluch.ru/archive/133/37282/ (дата обращения: 18.12.2024).



Түөрт уһун сыл устата күнүстэри — түүннэри сэллээн көрбөтөх итии уоттаах кыргыһыы ыраах Саха сирин да тумнубатаҕа: чулуу дьонун мүһэтин элбэҕи көмүллээн тыбыырбыта, аас — туор олоҕу аҕалан үгүһү ииҥнээбитэ Аарыма кырдьаҕаһыттан кыһыл оҕотугар тиийэ турар — турбат бука бары — ити сэрии ыар тыынын, аас — туор олоҕун этинэн — хаанынан толору билбитэ.

1941–1945 сыллар — сэрии, өлүү, сүтүү, уот кураан — бу алдьархай Нам оройуонун Түбэ нэһилиэгин уһук сирин Үруҥ Күөл учаастагын сэрии тыына күһүҥҥү хаһыҥныы хагдарыппыта, олоҕун огдолуппута. Биһиги дьиэ кэргэн, хос эһэбит, Никонов Семен Федорович буорах сыттаах саһарбыт суруктарын ааҕан бу алдьархайдаах түгэни илэ харахпытынан,инчэҕэй илиибитинэн тутан биллибит, долгуйдубут.

Арыылаах алааһыгар саха ыала оҕолорун көрөн, сүөһүлэрин манаан колхозтарын үлэтин үмүөрүтэн ньыр бааччы олордохторуна, алдьархайдаах сурах хас биирдии ыал аанын тэлэччи арыйан киирбитэ.

Бастакы хомуурга эһэбин ылбатахтара. «Колхозкун тутан, дьону — сэргэни өйөөн, дьаһайан олор» диэн хаалларбыттар. Эр киһи дьахталлары, оҕолору кытта хааллым диэн олорон биэрбэккэ түүннэри — күнүстэри үлэ үөһүгэр сылдьыбыт.

1942 сыллаахха чэрии икки хомууругар бырааттыы Елисеевтары кытары Аҕа дойдуларын көмүскүүр сэриигэ аттаммыттара. Кинилэр үгүстэрэ олоххо сабыс — саҥа үктэнэн, үлэлээн — хамсаан иһэн бэбиэскэ тутан, таптыыр кэргэннэрин, оҕолорун, бар дьоннорун, дойдуларын хаалларан ботуоҥка сүгэн, өлүү суолугар айаннаабыттара. Дьоннорун кытары быраһаайдаһан баран, төрөөбүт, үөскээбит күөллэригэр киирэн икки хатыҥ икки ардыгар, хаптаһыҥҥа эһэм бэйэтин, доҕотторун ааттарын, барбыт күннэрин, сылларын быһаҕынан кыһан суруйан хаалларбыт. Ол суруктара күн бүгүнүгэр диэри туоһу буолан төрөөбүт алаастарыгар Үрүҥ Күөлгэ сууллубакка, сүппэккэ өр сылларга өйдөбүнньүк буолан турар.

Эһэм фроҥҥа тиийиэҕиттэн, кыра үөрэхтээх буолан суруктарын быспакка суруйа турбут. Ол туоһутунан билигин буорах сыттаах, саһарбыт суруктары ааҕабыт: Олус улаханнык таптыыр доҕорум Ольга Дмитриевна, таптыыр аҕам Федор Саввич уонна оҕолорум! Миигиттэн аныгылыы, эдэр ыччат уохтаах — төлөннөөх эҕэрдэтэ тутун! Мин доруобуйам чааһа үчүгэй. Эһиги хайдах олоро5ут? Мин Ленинград куорат таһынааҕы боруоҥҥа, от ыйын 7 кунугэр кэлбитим сэриилэһэ сылдьабын, билигин окуопа5а суруйа сытабын. Буомбаны, миинэни быраҕаллара олус кутталлаах. Миигин өлөн — сүтэн хаалыа диэн айдаара, аһыйа олорумаҥ. Тыыннааҕым тухары сурук ыыта олоруом. Эһиги миэхэ сурукта ыытыҥ. Миигин кытта Киргиэлэй баар, атын дьону билбэппин. Мин аадырыһым маннык: Полевая почта: № 75638 -13. Оҕолоргун доҕорум харыстаа, биһиги сотору өстөөҕү кыайан эргиллиэхпит.

Быраһаайдарын барыгыт.

Уйбаан уонна Дьяконов Охонооһой баар буоллахтарына мин кэргэттэрбин көрө — истэ сылдьыҥ, бааргыт тухары сурукта ыыта туруҥ. Дойдубуттан сурук тута иликпин.

Суруйдум Никонов Семен. 21.07.1942 с.

Хос эһэм Ленинградка тиийиэн иннинэ Москва куоракка связистар курстарыгар үөрэммит. Ол сылдьан оҕолоругар кырааскалыыр «Учись рисовать» кыра кинигэ ыыппыта баар. Кинигэ кэннигэр маннык ис хоһоонноох суруллубут: Тапталлаах оҕолорбор Кыычаҕа, Боростуойга анаан ыыттым. Бу кумааҕыны алдьаппакка илдьэ сылдьыҥ, тээтэҕит кэлбитин курдук санааҥ. Москва куораттан ылан ыыттым. Оҕолорум, аҕам уонна Ольга үөрүүнү кытта тутуҥ, мин ыыппыт сурукпун.

Суруй. Сэмэн Никонов. 20.03 1942 с.

Эн ким да буол — киһиэхэ саамай күндүттэн күндү кини олох олороро, тыыннаах этэҥҥэ сылдьара буолбаат! Күн тура — тура күн сырдыгын көрөн, көй салгынынан түөһүн муҥунан тыынарын, дьону кытта тэҥҥэ олох оҥкулун уһансарын — ити эбээт эн дьолун диэн! Онтон кини? Кини да ол дьолу билэр, дуоһуйа ыймахтыыр бырааптааҕа, ону хара кырыыстаах сэрии аймаатаҕыан!

Аҕам Сүөдэр, таптыыр доҕорум Ольга Дмитриевна, оҕолорум Кычча, Боростуой дорооболоруҥ!

Мин суруйар суругум эһиэхэ тиийэр дуо? Мин эһигиттэн кэлбитим тухары суругу тута иликпин, кэлбит буоллаҕына олохтоох куораппар кэлбитэ буолуо. Эһиги харса суох суругу ыыта олоруҥ. Боростуойум хайа оскуолаҕар үөрэнэн эрэҕин дуо? Кычча төһө улаатта тугу туһалыырый? Мин саабын Ольга кимэхэ да биэримэ алдьатан кэбиһиэхтэрэ. Мин синиэлбин Пестряковтан туттугут дуо. Мин таҥаспын үчүгэйдик көрөн — истэн ууран кэбис. Мин кэлбитим тухары олус куһаҕаннык сылдьа иликпин. Атын дьону олох билбэппин. Эһиги хайдах олордугут, ханна кыстаан олороҕут. Суруйуҥ.

Быраһаайдарыҥ.

19.03.43 с. Семен Никонов Федорович.

Кимтэн да ордук ыар дьылҕаламыт сэрии сылларыгар оҕо — дьахтар этэ. Тулаайах хаалбыт оҕо эрэйдээх көмүскэлэ суоҕа, оттон дьахтар, армияҕа барбыт дьону солбуйан, үрдэ суох үлүгэрдээх түбүккэ түспүтэ.

Эбэм, аҕата сэриигэ барарыгар 1 саастаах оҕо хаалбыт. Аҕата таптаан Кычча диэн ааттаабыт, онтон улахан кыыһын Марияны -Боростуой диир эбит. Тоҕус оҕоттон үс оҕо тыыннаах хаалбыттан сэрии алдьархайдаах ыар сылларыгар икки оҕо күн сириттэн барбыттара. Эбэм эдьиийэ Мария 18 саастааҕар Хатырыкка үөрэнэ сылдьан кыһын улаханнык тымныйан, дойдутугар быстар тыына эрэ тиийэн өлөөхтөөбүт. Убайа Тарас эмиэ сааһын сиппит уол ыарахан ыарыыга ылларан быстах дьылҕаламмыт. Хос эбэм эрэйдээх оҕолорун күн сириттэн сүтэрэн, доҕорун уот сэриигэ атааран хараҕын уутун бө5ө тоҕон, көхсө эбии кыараабыта. Ыарахан үлэ, түүннэри — күннэри утуйбакка, сынньамакка эбэм Үрүҥ Күөлүнэн, Арыылааҕынан сылдьан ыанньыксыттаабыта. Ол да буоллар кыайыыга эрэллээх буолан санаата бөҕөргүүр, таптыыр кэргэнин сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн кэлиэ диэн куруутун күүтэр, эрэнэр. Кыһынын түүнү быһа куобах тириитин имитэн саллааттарга бэргэһэ, кээнчэ, үтүлүк тигэллэрэ «баҕар биир эмэ аҕабытыгар тиийээрэй» диэн хаһан да санаатын түһэрбэтэ.

Сэрии толоонуттан хос эһэм дойдутугар, дьонугар балайда суругу ыытар эбит. Ол курдук 1943 сылга от ыйыгар түөрт, атырдьах ыйыгар биэс, бала5ан ыйыгар үс, бу тухары эппиэт кэлбэт. Бала5ан ыйын 25 кунугэр маннык ис хоһоонноох суругу ыыппыт:

От ыйын 10 кунугэр Ленинград куорат таһынаа5ы фроҥҥа сылдьабын. Мин төрөөбут буорбар хаһан да барар барбат сиригэр сылдьабын, тыыннааҕым тухары суругу ыыта туруом, туохтан да дойду, дьонум сураҕын истибэт олус куһаҕан буолар эбит.

Атырдьах ыйын 29 кунугэр эбэбэр аадырыстаабыт суругар: дойдубар чахчы эргиллэр биллибэт, оҕолорбун Кыччаны (Вераны), Боростуойу (Марияны), Молооччугу (Тарааһы) иитэн — аһатан улахан дьон оҥор, кинилэр аһа — таҥаһа суох буоллахтарына мин таҥаспын, саабын атыылаан аһаарыҥ. Сурукта ыыта охсуҥ.

Кыргыс хонуутугар сытан, буулдьа быыһыгар бириэмэ булан саллаат дойдутун, дьонун ахтан сурук туппакка төһөлөөх элэ тыла бараммыта буолуой? Эһэм суруктарыгар куруутун оҕолорун, дьонун сураһар, кинилэри харыстаан, санааларын бөҕөргөтөр тыллары суруйар, дьонун, дойдутун сонунун билиэн, истиэн баҕата күүстээҕэ көстөр.

Эбэм, Ольга Дмитриевна Никонова көнө майгылаах, ыраас хааннаах, түргэн туттуулаах, үлэһит үтүөтэ эбит. Кини үөрэҕэ суох буолан суруктарын дьоҥҥо аахтаран, кэргэнэ тыыннааҕын, ханна сэриилэһэ сылдьарын истэн сэниэтигэр сэниэ, күүһүгэр күүс эбиллибит курдук буолара. Ол кэргэнэ олоҕу, дьонун, оҕолорун, дойдутун таптыырыттан, кыайыыга эрэллээҕиттэн. Буорах сыттаах суруктары сыттыгын анныгар кистии уура сылдьара. Дьоҥҥо суруттаран суругун эппиэтин фроҥҥа ыыта турбута. Ол эрээри эһэм «Тоҕо суруйбаккытый?»- диэн куруутун суругар ыйыталаһан суруйар. Оннук эбэм суруктара биир да тиийээхтээбэтэх эбит.

А5ам Сүөдэр, таптыыр до5орум Ольга Дмитриевна, оҕолорум Кычча, Боростуой дорооболоруҥ!

Мин элбэхтик сурук ыытабын. Окуопа5а сытан бомба быылыгар олорон суруйабын. Миигин фроҥҥа өлөн, сүтэн хаалыаҕа диэн айманымаҥ. Сэрииттэн киһи үгүстүк ордор эбит, өстөөҕүүлтү сынньан кыайыы өрөгөйүн тутуохпун диэн эрэл санаа баар. Эһиги үчүгэйдик олоруҥ ыалдьыбакка, өлбөккө олоруҥ, мин дойдубар эргиллиэм, барыгыт быраһаайдарыҥ! Мин саабын үчүгэйдик ууран кэбиһин, анды киирэн эрдэҕэ буолуо.

Семен Никонов.

1.06.43 сыл. Бэс ыйа.

Үрүҥ Күөлгэ Кыайыы ыһыаҕа буолбута. Өрөгөй кыайыы аргыстаах саллааттар дойдуларын булбуттара, арай Сүөдэр Никонов уола ханна да баара биллибэтэ. 1947 сыл от ыйын 21 кунэ... харах уута, ыар санаа, дууһа кыланыыта. Эһэм суруктара фронтан кэлбэт буолбуттара. Онтон — хара сурук. Манна сурулларынан:

«Эн кэргэниҥ Никонов Семен Федорович Аҕа дойду көмускэлигэр геройствоны уонна хорсун быһыыны оҥорон, бэйэтин воинскай андаҕарын толордо. Сэрии хонуутугар муус устар 6 кунугэр 1944 сыллаахха сураҕа суох сүттэ».

Эбэм таптыыркэргэнин сүтэрэн, тулата хара былыт буолан, сүрэҕэ аһый гынан, харах уутунан сууммута, биир түгэн иһигэр дууһата кураанахсыйан хаалбыта. Оҕолорун уҥуохтарыгар тахсан, баттаҕын ыһан баран хаанынан устубут сүрэҕин, сүтүктээх ийэ эрэйдээх ытыыра төгүрүк алааһын аймаабыта. Кэргэнин аҕата уонна саҥастара уоскутан дьиэтигэр аҕалбыттара, уһун хойуу суһуохтаах дьахтар баттаҕа кырыа хаардыы маҥхайбыта. Уолун сүтэрбит аҕа ыар санаа ындыыланан өбүгэлэригэр 50-с сыллаахха бараахтаабыта.

Сэрии сабыдыала уонна кини содула хас биирдии саха ыалын балаҕаныгар ити курдук ыарахан атаҕынан атыллаан киирбитэ. Сыллар аастахтарын ахсын, ол аһаҕас баас улам — улам оһон олох чөлугэр түһэн испитэ.

Эбэм Вера Семеновна Намнааҕы военкоматка, эһэм сылдьыбыт полевой почтатынан, архыыптарынан 90-с сылларга дылы эккирэтиһэн ирдэбил онорбута да, туох да биллэрии кэлбэтэх. Эһэм суруктарынан көрдөххө кини бүтэһик суруга Сталинград куорат байыаннай чааьыгар сөп түбэһэр эбит. Онон эбэм 1992 сыллаахха Волгоград куоракка тиийэн сэриилэспит чааһын сураспыта да, испииһэккэ булбатах этэ. Хос эһэм фроҥҥа связист быһыытынан сылдьыбыт. Үгүс суруктара Намнааҕы архыыпка харалла сыталлар. 73 хаарыгар үктэммит эбэм барахсан «өлүөм иннинэ аҕам көмүс уҥуоҕун булларыам» диэн бэйэтин уоскутунан, санаата бөҕөх олорор. Мин эһэм Москва куораты босхолооһуҥҥа, Ленинград блокадатыгар, Сталинградтааҕы сэриигэ олоҕун толук ууран, эйэлээх олоҕу түстэспитинэн киэҥ туттабын. Эһэм Никонов Семен Федорович аата Саха сирин «Память» кинигэтигэр көмүс буукубанан сурулла сылдьар.

Эһэм Никонов Семен Федорович үтүө санаата, көнө майгыта, үлэһит чулуута, кыайыыга дьулуура бар дьоҥҥо күн бүгүнүгэр диэр уос номоҕо буолан кэпсэнэр. Ытык кырдьаҕастар «Сэмэммит этэҥҥэ эргийэн кэлбитэ буоллар, улахан үөрэхтээх, салайар үлэһит буолуо этэ» дииллэрин билигин да истэбит.Эйэлээх олоҕу түстээри олохторун толук уурбут саллааттар олорботох олохторун, билигин биһиги эдэр көлүөнэ ыччаттар салҕаан олоруохтаахпыт. Кинилэр ааттара үйэттэн үйэҕэ ааттана туруоҕа!

Никонов Семен Федорович буорах сыттаах суруктара

743F5899743F5899AFEBBD31AFEBBD315F110CA9

Основные термины (генерируются автоматически): мина, Ольга, Ленинград, Москва, никон.


Задать вопрос