Оҕо саастара сэрии кэмигэр ааhан, оччотооҕу аас-туор олох кыhалҕатын эттэринэн-хааннарынан билбит, улахан дьонтон хаалсыбакка, тэбис-тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан,үгүс сыраларын биэрбит «сэрии кэмин оҕолоро» өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы ситиhиллиитигэр оруоллара улахан.
Кинилэртэн биирдэстэринэн үлэ, тыыл бэтэрээнэ, «1941-1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иhин», «Саха республикатын социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иhин», о.д.а. мэтээллэр, «Саха республикатын тыатын хаhаайыстыбатын ветерана» бочуоттаах знак, «Таатта улууhун Ытык аҕата» анал бэлиэ, о.д.а. наҕараадалар хаhаайыннара, Таатта улууhун бочуоттаах олохтооҕо, эhэм Жараф Агапитович Оросин буолар (рис.1).
Рис. 1. Хаартыскаҕа: олоҕун тухары тыа хаhаайыстыбатын сайдыытыгар үлэлээбит Ж.А. Оросин
Кини олоҕун, кыайыыны уhансыыга анаммыт үлэтин туhунан кылгастык билиhиннэрдэххэ маннык. Ж.А. Оросин 1931 с. Амма Маҥыраhыгар күн сирин көрбµтэ. Төрөппүттэрэ колхуостаах этилэр: аҕата Агапит Нилович суол маастарынан, ийэтэ Ефросинья Власьевна дайаарканан үлэлииллэрэ. Саҥаны-сонуну билиэн-көрүөн баҕалаах уолчаан 1939 с. Таатта Дьиэрэҥнээҕин алын сүhүөх оскуолатыгар үөрэнэ киирэр. Маны ситиhиилээхтик бүтэрэн, Игидэй сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэҕин салгыыр.
Сэрии саҕаламмытыгар холкуос бастыҥ, үлэни кыайар эр дьонун барыларын хомуйан фроҥҥа илдьэ бараллар. Онон үлэhит илии тиийбэтинэн, 8-9 саастаах оҕолор холкуос үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр ыарахан үлэтигэр эриллибиттэр. Оскуола оҕолорун кыhынын сонуокка хаар типтэриитигэр, саас эрдэ бүтэй маhын бэлэмнээhинигэр, ыhыыга көмөлөhүннэрэллэр, сайынын от үлэтигэр, күhүнүн бурдук астааhыныгар үлэлэтэллэр эбит. Өстөөҕү өhөрөр, кыайыыны уhансар баҕаттан сарсыарда халлаан сырдыаҕыттан үс туман түhүөр диэри систэрин көннөрбөккө үлэ үөһүгэр сылдьаллара. Оччолорго күннээҕи өлүү аhылыктара биир курууска суорат буолара. Хоргуйан өлбөт туhуттан холкуос бары үлэтигэр тэҥҥэ сылдьыhан, тугу кыайалларын оҥоро сатыыллара.
Оччотооҕу кэм туhунан эhэм бэйэтэ маннык ахтар: «1941 с. Ытык-Күөлгэ күhүн киирэн, 5-с кылааска үөрэнэн истэхпинэ, Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕаламмыта. 1939 сылтан саҕалаан улахан кураан сатыылаабыт сыллара этилэр, инньэ гынан от, бурдук үүммэккэ дьон-сэргэ хоргуйуута, улахан сут буолбута. Эбиитин сэрии буолбут сураҕа иhиллэн, аас-туор олох сатыылаабыта. Доруобай эр дьону сэриигэ хомуйуу саҕаламмыта. Холкуоска сылгы сүөhү маассабай охтуута элбээбитэ. От үүммэтэҕэ, сир кураантан хайыта хаппыта, аhыҥа үөн мэнээктээбитэ. Алаас устун сатыы хаамтахха, этэрбэс иhэ аhыҥанан туолара, ону хаста да устан сүөкүүр этибит.
Аҕам 1942 с. эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Оччолорго интэринээт диэн баара да, ыалтан биир эрэ оҕону ылар этилэр. Онно эдьиийим Люба киирбитэ, миигин ылбатахтара. Күннээҕи аhылык диэн 400 грамм килиэп эрэ этэ. Инньэ гынан дьоммунаан үс киhи 400 грамм килиэпкэ хоргуйан өлүүhүбүт диэн, мин 12 саастаах оҕо үөрэхпин быраҕан дойдубар, ол аата 4 көстөөх Кулаадаҕа, таҕыстым. Ол иhэн көрдөхпүнэ, алаастарга ынахтар өлө сытар буолаллара. Ол сайын «Кыhыл Кулаада» колхуоска миигин үлэhиттэргэ суорат таhааччынан үлэҕэ ылбыттара.
«Ала Көлүйэ» диэн сайылыктан хоту Ньимиидэ үрэххэ тэнийэн үлэлиир отчуттарга оҕуhунан 60 кг киирэр мас уhаакка толору суораты сыарҕаҕа ыбылы кэлгийэн күн аайы айанныырым. 1943 с. сайыныгар от, бурдук үүнэн, дьэ арыый тыын ылбыппыт. Ол да буоллар оччотооҕу былаас кытаанах хонтуруола холкуостаахтары уhаты-туора хаамтарбат этэ. Туох барыта нуорма, оннооҕор кутуйах хасааҕын сонуоктан хостоон ылан хааhы оҥостон сиэтэххинэ, олохтоох былаас үлэhиттэрэ дьыала оҥорон, суукка биэрэн хаайыыга ыыталлара.
Мин 10 сааспыттан колхуоска үлэбин саҕалаабытым. Ол да иhин буолуо, Улуу сэрии сылларыгар үтүө суобастаахтык, күүспүн харыстаммакка үлэм иhин 1947 с. Кыайыы ыhыаҕар улуу баhылык Сталин мэтириэттээх мэтээли биэрбиттэрэ» [1, с. 12].
Салгыы Ж.А. Оросин 1950-1951 сс. Дьокуускайга коммунальнай техникум иhинэн биир сыллаах тутуу маастарын үөрэҕин бүтэрбитэ. Икки сыл тутууга үлэлээн баран, 1952 с. суоппар үөрэҕэр киирэн, ситиhиилээхтик бүтэрбитэ. 1954 с. суоппар идэтин баhылаан, биир сыл мясомолпромҥа үлэлээбитэ. Онтон Петр Алексеев аатынан колхозка тахсан эмиэ 2 сыл устата счетоводунан сылдьыбыта. Салгыы оройуон киинигэр сибээс отделениетыгар почта таhааччынан киирбитэ. Холкуоска ыҥырбыттарыгар, онно баран өр кэмҥэ трактористаабыта, суоппардаабыта. Бу үлэҕэ уопсайа 30-ча сылы анаабыта. 1981 с. «Сайдыы» совхоз Туора-Күөллээҕи отделениетыгар кыладыапсыгынан ананан, 1986 с. пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбитэ. Пенсияҕа тахсан баран, 1991 сылга диэри Дьүлэй нэhилиэгин собуотугар «Шосси» тракторынан үүт таспыта. Ж.А. Оросин өр сыллаах, үтүө суобастаах үлэтэ сыаналанан, үөhэ ааттаммыт мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Сэбиэскэй былаас кэннэ, 1991 сылтан эhэм ынах-сылгы иитиитинэн дьаныhан дьарыктаммыта, Дьүлэй нэhилиэгэр бааhынай хаhаайыстыбаны бастакынан тэриммит дьонтон биирдэстэрэ буолар. Ол туоhутунан бааhынай хаhаайыстыба үлэhиттэрин бочуоттуур хас да мэтээллээх, анал наҕараадалардаах.
Рис. 2. Хаартыскаҕа: үлэ, тыыл ветерана Ж.А. Оросин
Ити курдук, эhэм үлэҕэ уопсайа 61 ыстаастаах, олоҕун тухары тыа хаhаайыстыбатын сайдыытыгар үлэлээн кэллэ. Ж.А. Оросин олоҕун аргыhынаан, өр сылларга тыа хаhаайыстыбатын уонна атыы-эргиэн эйгэлэригэр үлэлээн «Ийэ албан аата» I, II, III степеннээх орденнар, «Тыа хаhаайыстыбатын социалистическай куоталаhыытын туйгуна», «Молодому передовику производства», «СССР потребкооперациятын туйгуна» знактар кавалердара, «Коммунистическай үлэ ударнига», о.д.а. мэтээллэр хаhаайкалара, Таатта улууhун Дьүлэй нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Мария Павловна Гуляевалыын бииргэ олорбуттара 60 сылыгар барда. Кинилэр тоҕус оҕону төрөтөн, барыларын атахтарыгар туоруоран, үөрэхтээх, үлэhит дьон оҥордулар. Маны тэҥэ үгүс сиэн тапталын билэн, сүбэлэрин холбоон, Дьүлэй нэhилиэгин биир сис ыала буолан, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор (рис.3).
Рис.3. Хаартыскаҕа: Ж.А. Оросин олоҕун аргыhынаан М.П. Гуляевалыын
Түмүктээн эттэххэ, билиҥҥи кэмҥэ «сэрии кэмин оҕолоро» диэн ытыктанан ааттанар кырдьаҕастар ахтыылара оччотооҥу кэм историческай суолтатын күүhүрдэн биэрэллэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Онон оҕо саастарын толук ууран ыарахан үлэҕэ эриллибит, уоттаах сэрии толоонугар барбыт аҕаларын, убайдарын холкуос, сопхуос үлэлэригэр итэҕэhэ суох дьоhуннаахтык солбуйан, кыайыыны уhансыыга кырата суох кылааты киллэрсибит дьоммутун сиэрдээхтик сыаналыах кэриҥнээхпит.
Литература:
1.Олоҕум туhунан ахтыы // Ж.А. Оросин ахтыыта. Рукопись. 2013 с. 6 с.
1