Үлэ сыала: Е. С. Сивцев-Таллан Бүрэ “айымньыларыгар архаизмнары төһө туттубутун, архаизм суолтатын, тылбааһын быһаарыы.
Соруктар:
—Таллан Бүрэ олоҕун, айар үлэтин туһунан билиини хаҥатыы,
— Поэт айымньыларыгар архаизмнары булан наардааһын,
— Архаизмнар суолталарын, тылбааһын быһаарыы.
Үлэ тоҕоостооҕо (актуальноһа): Таллан Бүрэ ураты истииллээх бэйиэт,суруйааччы. Кини айымньыларын тылын өһүн үөрэтии-саха тылын ураты араҥатын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы.
Архаизм — эргэрбит тыл-өс, билиҥҥи тылга киэҥник туттуллубат буолбут лиэксикэ. Эргэрбит тыллар араастарын икки өрүттээн көрүөххэ сөп: 1) Бүтүннүү эргэрбит тылларга, эбэтэр лексическэй архаизмнарга. Холобур: сандалы, кэһэх, кумалаан уо.д.а. 2) Сорох суолталара эрэ эргэрбит тылларга, эбэтэр семантическай архаизмнарга. Холобур: аҕын (өйдөө диэн суолтата эргэрбит); арҕаа (көҕүс диэн суолтата эргэрбит, хайысха эрэ суолтата туттуллар); хоту (аллара диэн суолтата мэлдьи туттуллар), суол (ыраахтааҕы суола диэн суолтата туттуллубат) уо.д.а..
Таллан Бүрэ айымньыларыгар маннык архаизмнары уонна архаизм тылбааһын булан быһаардыбыт.
- Көмүлүөк — былыргы саха балаҕаныгар титириктэри иҥнэри соҕус төгүрүччү кэккэлэтэн баран, сигэнэн кэлгийэн, кумахтаах туойу симэн оҥоһуллубут оһох — Камелек.
- Үтүрүм — кытараабакка, икки эбэтэр хас да сыл субуруччу төрөөбүт сүөһү
- Сандалы — былыргы сахалар аҕыс муннуктаах, тутум курдук атхтардаах эбэтэр эмиэ оннук намыһах түөрт муннуктуу судургу оҥоһуулаах туос эбэтэр мас остуоллара — круглый стол
- Симии оһох — мас киэпкэ туойунан симэн оҥоһуллубут көмүлүөк оһох- печь
- Ураа — Көмүлүөк оһох турбатын дьиэ үрдүгэр быган хоройон турар өттө.
- Биллэрик орон — саха балаҕаныгар аан утарытынааҕыистиэнэҕэ уҥа бастакы ороҥҥо сыстар орон — нары
- Көҥкөлөй — кыараҕас айахтаах иһиккэ убаҕас аһы кутарга туттуллар босхо моой, боруоҥка- дупло — домок
- Кэтэҕириин орон — саха балаҕаныгар аан утарытынааҕы биллэрик орон хаҥас өттүнээҕи орон (уҥа муннуктан иккис) — нары
- Халҕан — аан — дверь
- Көһүйэ — туойтан оҥоһуллубут дьоҕус күөстэнэр иһит.
- Киллэм — ото-маһа суох, аһаҕас сир.
- Көмөҕөй — уолук, уолук үүтэ
- Бөкөөлүүр — дьүһүннүүр туохтуур. Бөкөччү туттан (бүк түһэн) баран бытааннык, арыычча хаамп, сыҕарый — прыгает и скачет
- Ньөкөөлүүр — дьүһүннүүр туохтуур — хохочет, заплачет, зарыдает.
- Ичик — киргиз тылыгар саҕынньах — чащоба
Таллан Бүрэ айымньыларыгар араас эргэрбит тылы буллубут, тыл суолтатын “Саха тылын быһаарыылаах тылдьытын” көрөн быһаардыбыт. Суруйааччы саха сиэрин-туомун, оло5ун-дьаһаҕын, айылҕаны ойуулууругар архаизмнары туттар эбит. Айымньыттан булбут архаизмнары маннык бөлөхтүөххэ сөп.
- Дьиэ-уот тэрилэ: көмүлүөк, симии оһох, көҥкөлөй, биллэрик орон, кэтэҕириин орон, ураа, сандалы, халҕан, көһүйэ
- Дьүһүннүүр туохтуурдар: бөкөөлүүр, ньөкөөлүүр
Саха народнай поэта Сэмэн Данилов “Таллан Бүрэ саха литературнай тыла үөскээһинигэр, сайдыытыгар, кини кэриҥин кэҥэтиигэ, баайын хаҥатыыга биир дьаныардаахтык үлэлээбит поэт “ диэн эппитин бигэргэтэн, Таллан Бүрэ саха эргэрбит тылларын айымньытыгар киллэрэн, тыл ураты дэгэтин, суолтатын үйэтиппит эбит.
Литература:
- Антонов Н. К., Коркина Е. И., Слепцов П. А., Филиппов Г. Г., Данилова Н.И, Винокуров И. П. Саха билиҥҥи тыла. Морполуогуйа. — Дьокуускай, 2009
- Винокуров И. П. Филиппов Г. Г. Саха тыла. Тыл баайа. — Дьокуускай, 2000
- Слепцов П. А. Саха тылын историята. — Дьокуускай, 2007
- Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията. — Дьокуускай, 2000
- Таллан Бүрэ. Көмүс долгуннар.- Якутскай, 1957
- Таллан Бүрэ. Кэллим кэпсээри. — Якутскай, 1979
- Таллан Бүрэ. Байҕалиада. — Дьокуускай, 1999
- Таллан Бүрэ. Лена прекрасная. — Якутск, 1972
- Харитонов П. Н. Таллан Бүрэ айымньыта. — Покровскай, 1996
- Нууччалыы — сахалыы тылдьыт.- Дьокуускай, 2006
- Пекарский Э. К. Словарь якутского языка.- М: АН СССР, 1959
- Петрова Т. И. Русско-якутский перевод-Нууччалыы — сахалыы тылбаас: курс лекций для студентов.- Якутск, 2005.
- Русско- якутский словарь.-М., 1968
- Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта. — Новосибирск: Наука, 2004
- Сахалыы — нууччалыы кылгас тылдьыт.- Дьокуускай, 2005
- Сахалыы-нууччалыы тылдьыт.- Дьокуускай, 2006
- Якутско-русский словарь.- М., 1972