Уу арааһын бэлиэтиир тыллар | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 239 раз

Библиографическое описание:

Васильева, Олеся. Уу арааһын бэлиэтиир тыллар / Олеся Васильева, А. Д. Рехлясова. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 18-19. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2870/ (дата обращения: 19.12.2024).



Биһиги Сахабыт сирэ олус кэрэ көстүүлээх, элбэх баайдаах. Ол курдук кэрэ тыата, элбэх уута… Биһиги дойдубутун олус таптыыбыт уонна киэн туттабыт. Саха сирин кэрэ көстүүтэ ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар. Киһи олоҕор улахан суолталааҕын бары билэбит. Уута суох — олох суох. Онтон биһиги күннэтэ иһэр, аһыыр уубут туһунан билиибит — көрүүбүт тутах, ууну араастаан ааттыыр тыллары туттубат эбиппит. Ол иһин мин «Уу арааһын бэлиэтиир тыллар» диэн ааттаан чинчийэр үлэни суруйдум.

Сыала : Уу арааһын бэлиэтиир тыллар суолталарын, үөскээбит төрүттэрин, туттуллууларын быһаарыы. Сорук: 1. Уу арааһын бэлиэтиир тыллары хомуйуу. 2. Норуот уус — уран айымньытыгар туттуллар тыллары хомуйуу

Актуальноһа : Саха тылын баайын билэр, баһылыыр уустугунан, үөрэнээччи тылы — өһү билэригэр олук ууруу. Сабаҕалааһын : Төрөөбүт тыллаах киһи бигэ силистээх буолар. Үлэ чинчиллэр объега : Уу арааһын бэлиэтиир тыллар. Чинчийии ньымата : Кылгас тылдьыт оҥоруу, тэҥнээһин. Үлэ практическай суолтата: Төрөөбүт тылы үөрэтэн, сатаан туттар — туһанар буолуу, тыл саппааһын байытыы, тыл үөскээбит төрдүн үөрэтии.

Ууну тоҕо араастаан ааттыылларын, бу тыллар тугу бэлиэтииллэрин, ханнык тылтан төрүттээхтэрин билээри, тылдьыттартан, араас литератураттан ууну ааттыыр тыллары буллум. Ол курдук:

Уу арааһын бэлиэтиир тыллар: 1.Тас уулар . Ол — бу элгээннэртэн, сүлбэлэртэн, таас уулартан үөскүүр уу. 2. Сис уулара. Ыраах суола — ииһэ суох сирдэргэ баар дүөдэлэр, сискэ баар күөллэр. 3. Сотүөлүүр уу. Чугас эргиннээҕи оҕо-уруу, улахан даҕаны дьон киирэн суунар-тараанар, ырааһырар, сынньанар уулара. 4. Аһыыр уу. Дьиэ таһыгар баар, киһи да, сүөһү да уулуур уута. 5. Ийэ уу. Хаһан да уолбат, дириң, ыраас, олохтоох уу. 6. Кыстыыр уу. Хайдах да тымныы дьылга дөйө тоңмот, быстыбат уу.

У у быһыытын бэлиэтиир тыллар: 1. Күөл төгүрүччү хонуулаах, сүүрүгүрбэт, хонуу, ходуһа, сыһыы, толоон сир уута. 2. Көлүйэ (көлүччэ) кыра күөл. 3. Дүүдэ ойуур — тыа иһигэр баар, талах, от тулалаах кыра уу. 4. Маар (мараңда) — тыа ортотугар дулҕалаах, муохтаах, ыарҕалаах, талахтаах, сииктээх сир. 5. Алынах (аңалах) талахтаах, дулҕалаах уулаах сир. 6. Тыымпы — хара маһыттан ыла уулаах күөл. 7. Ойбон кыһын ынах сүөһү, сылгы уулуур, иһэр уу ылыллар сирэ. 8. Элгээн — өрүс, үрэх кытыытыгар баар уһун синньигэс күөл.

Булбут тылларбын үөрэттим, онтон ууга сыһыаннаах норуот уус — уран айымньытыгар туттуллар тыллары хомуйдум. Холобур, уу туһунан таабырыннар: 1 . Орто дойдуга тыынар дууһаҕа туох да аһара минньигэс баар үһү. 2. Тыына сиик, суорҕана туман, тэллэҕэ сиэркилэ баар үһү. 3. Ытыска туттуллубат, илиигэ биллибэт баар үһү. 4. Быс да быһыма, быстыбат баар үһү.

Ууттан ситимнээх сомоҕо домохтор: 1.Ууга тааһы бырахпыт курдук — букатын сүппүт. 2. Ууга түстэххэ ороспот сыганныылар — тус-туспа үөскээбит буолан бэйэ-бэйэлэрин билсиспэт аймахтыылары күлүү гынан этэллэр. 3. Ууга-уокка түс — олус ыксаа, тиэтэй. 4. Уу да ылбат, уот да сиэбэт — туохха да кыайтарбат, хотторбот. 5.Ууну охсон баҕаны куттааһын — кыранан куттуу сатаан суоһарҕаныы. 6.Уу диэбитэ хаар, хаар диэбитэ уу — сымыйаччы киһи. 7.Ууну испит сылгы курдук — олус улаханнык тоңмут, титирээбит.

Уу көспүт суолтата: 1. Уу саха — дьиңнээх саха. 2. Ууһут ат оломун курдук — киһи тылын ылынымтыа, үүннээх — тэһииннээх киһи. 3. Уута көппүт — утуйар баҕата көппүт. 4. Уутугар аңаарыйбыт — ситэ утуйбатах, утуктуу сылдьар. 5. Уу — хаар сырыытын сылдьыбыт — халтайга, туһата суох сылдьыбыт. 6. Уу чуумпу — кыра да тыала суох чуумпу. 7. Уутугар — хаарыгар киирбит — тартарбыт, үлүһүйбүт.

Ууга сыһыаннаах өс хоһоонноро: 1. Уу тэстибэтин курдук. 2. Утаттахха уу да минньигэс. 3. Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук. 4. Уу да ылбат, уот да сиэбэт. 5. Үрдэ үүт, анна адьыр уу. 6. Баайга биэрэр кумахха ууну кутар курдук. 7. Ойуурдаах куобах охтубат, уулаах балык аппат. 8. Кырдьык ууга да тимирбэт, уокка да умайбат. 9. Уу иһинээҕи балык мэйиитин сиэм диэн кэтэспиккэ дылы.

Түмүк:

Уу арааһын бэлиэтиир тыллары түмэн, ырытан баран, маннык түмүккэ кэллим: 1. Наардааһын, бөлөхтөөһүн түмүгэр: 1). Уу суолтатын быһаарар тыллар — 32. 2). Уу туһунан таабырыннар — 8. 3). Уу туһунан өс хоһоонноро — 35. 4). Уу туһунан сомоҕо домохтор — 7. 2. Уу арааһын бэлиэтиир тыллары үгүстүк тутталлар эбит. 3. Төрөөбүт тыл төрдүн — ууһун үөрэтии киһиэхэ элбэх билиини биэрэр эбит. 4. Төрөөбүт тылым баайын, киэҥин өйдөөтүм. 5. Инникитин төрөөбүт тылбын өссө хасыһан үөрэтэр, бэйэм нэһилиэкпэр баар күөллэри чинчийэн үөрэтэр былааннаахпын.

Туһаныллыбыт литература:

  1. Ааллааҕыскай. Синоним, антоним, омоним тылдьыта.
  2. Афанасьев П. С., Слепцов П. А., Нелунов А. Г. уо.д.а. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай, 1994
  3. Григорьев Н. С. Саха тылын сомоҕо домохторун тылдьыта. 1974
  4. Петрова Т. И. Сахалыы — нууччалыы кылгас тылдьыт. — Дьокуускай, 2006
  5. Попов Г. В. Этимологический словарь якутского языка.- Якутск, 2002


Задать вопрос