Эрилик Эристиин «Хачыгыр» кэпсээнин сүрүн дьоруойун уонна билиҥҥи кэм оҕотун олохторун тэҥнээн көрүү | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научные руководители: ,

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 1339 раз

Библиографическое описание:

Иванов, Сайаан. Эрилик Эристиин «Хачыгыр» кэпсээнин сүрүн дьоруойун уонна билиҥҥи кэм оҕотун олохторун тэҥнээн көрүү / Сайаан Иванов, В. С. Кривошапкина, В. В. Иванова. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 39-42. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2874/ (дата обращения: 19.12.2024).



Чинчийиим тоҕоостооҕо: мин санаабар, үгүс билиҥҥи оҕо наар бэлэмҥэ үөрэнэн олоҕу олох сыаналаабат, онон айымньы дьоруойун олоҕун тэҥнээн көрөн, ыарахан олох диэн тугун өйдүүллэригэр тирэх оҥоробун.

Чинчийиим сыала:

1. Сүрүн дьоруой — Хачыгыр олоҕун чинчийии.

2.Билиҥҥи кэм оҕотун олоҕун кытта тэҥнээн көрүү.

3. Түмүк оҥоруу: билиҥҥи кэм оҕото олоххо бэлэмнээх буолуутугар айымньыттан ситимнээн ханнык хаачыстыбалар ордук наадаларый?

Чинчийиим соруга:

1. Айымньыны сиһилии, өйдөөн ааҕыы.

2. Тэҥнээн көрүүгэ сөптөөх өрүттэри толкуйдааһын.

3.Тэҥнээн көрүү түмүгэр, билиҥҥи оҕо ураты олоҕун туһунан толкуйдааһын.

Үлэм былаана:

1.Киирии

2. «Хачыгыр» кэпсээн туһунан.

3.Сүрүн дьоруой уонна билиҥҥи кэм оҕотун олохторун тэҥнээн ырытыы.

4.Тэҥ саастаахтарбыттан чинчийэр үлэбэр сыһыаннаах ыйытык.

5. Ырытыы түмүгэр тахсыбыт санаа.

5. Түмүк: айымньыга олоҕуран, билиҥҥи кэм оҕотугар сүбэ.

Киирии.

Биһиги литэрэтиирэ уруоктарыгар, бэйэбит библиотекалартан уларсан араас айымньылары ааҕабыт. Ааҕыы, мин санаабар, киһи сайдыытын биир сүрүн суола буолар.

Суруйааччы айымньыны ааҕааччы олоҕор тугу эмэ туһаннын, куһаҕантан кэлэйдин, үчүгэйтэн үөрэннин диэн суруйар. Биһиги норуоппут классик суруйааччылара оҕолору олох туһунан толкуйдуулларыгар үөрэтэр элбэх айымньыны суруйан хаалларбыттар.

Олортон биир сөбүлээбит айымньыбынан “Саха Островскайа” диэн ааттанар биир талааннаах суруйааччы Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин “Хачыгыр” диэн айымньыта буолар.

Саха биллиилээх суруйааччыта, ХХ –с үйэ чулуу киhитэ Семен Степанович Яковлев — Эрилик Эристиин дэгиттэр талааннаах суруйааччы, прозаик, драматург, публицист, критик, ону тэҥэ олоҥхоhут этэ. «Эрилик Эристиин Кэнчээри ыччаттарыгар букатын атын, сонун өртүттэн эргиллибитэ өссө ордук үчүгэйгэ, астыкка дылы. Ити кини уус тыл улахан маастарын быhыытынан элбэх өрүттээҕин, сүдүтүн туоhута”,-диэн суруйар Эрчимэн диэн литературнай критик.

Хачыгыр Кыбыттар диэн кыараҕас алааска үөскээбит.Бу алаас хоту халдьаайытын үрдүгэр кини эhэтэ, аҕата, хара тыаны солооннор, хас да дал оннун саҕа өтөхтөөх этилэр. Ол өтөх арҕаа тыатын саҕатыгар, уот сиэбит хоруолаах төҥүргэстэрин ортотугар, хоспох саҕа сыhыары хотонноох, хотон, дьиэ икки ардыларынан соҕотох ааннаах, аҥар муннугунан сыбах оhохтоох, эркинигэр чуолҕан саҕа иккилии түннүктээх, ыт уйатын курдук ыыспаларыгар атаҕа суох имииhит аҕатыныын, хараҕа суох ийэтиниин, Чооруос диэн кыракый быраатыныын икки ынахтаах ыал буолан олорбуттара. Ынахтара Тарааҥка «эбэ» диэн улаханнык этиллибэт ыарыыга ыалдьан өлөр, тойонноро иэһигэр диэн баар суох сүөһүлэрин тутан ылар, онон кинилэр кумалааҥҥа тарҕаһаллар. Кумалаан диэн аһыыр-таҥнар туһугар хамначчыт буолуу ааттанар. Хачыгыр Күтүр Көстөкүүннээххэ түбэһэн эрэйи-муҥу көрөр уонна эдэр тойоно Бачыгыратар Баһылай дьиикэй быһыытыттан суорума суолланар. Мин кэпсээни ааҕан баран, Хачыгыры аһыннным аҕай. Арай кини билигин баара буоллар хайдах олоххо олоруо этэй диэн толкуйдаан көрдүм. Хачыгыр олоҕун билиҥҥи оҕо олоҕун кытта тэҥнээн көрөргө соруннум уонна таблица оҥордум. Таблицам 3 салааттан турар:

Тэҥнээн көрөр

өрүттэр

Хачыгыр

Билиҥҥи кэм оҕото

1.Кэмэ

Айымньыга өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи кэм ойууланар. Баайдар уонна дьадаҥылар диэн арахсаллара

Билиҥҥи кэмҥэ 2020 сыллар

2.Дьиэ кэргэнэ

Хачыгыр дьиэ кэргэнэ быстар дьаданы ыал. Соҕотох хаалбыт ынахтарын былдьатан, кумалааҥҥа ыал устун бараллар. Ийэтэ-хараҕа суох Өрүүнэ, аҕата-атаҕа суох имииһит, быраата-Чооруос.

Билиҥҥи кэмҥэ оҕо олоҕо икки өрүттээх буолуон сөп. Ол курдук үгүс өттүн ылан көрдөххө, оҕо дьиэ кэргэнин кытта олорор. Төрөппүттэрэ үлэлииллэр, оҕолорун иитэр кыахтаахтар.

3.Таҥас-сап, ас-үөл

Хачыгыр таҥаһа-саба мөлтөх, түөһүн тылыттан алларааҥҥыга диэри илдьирийэн хаалбыт биир даба ырбаахылаах, таьырдьа кэтэр сылаас танаһа суох. Аһыыр аһа суох, иһэ сиһин үөһүгэр хапчаччы тардан хаалбыт. Кини күн сиригэр баҕата биирдэ тото аһаабыт киһи диэн.

Билигин оҕоҕо танаһа-саба баар, дьыл кэмиттэн көрөн уларыйар. Истээх сон, этэрбэс, хаатыҥка, бэргэһэ, үтүлүк оҕону тымныыга тоҥорбот. Аска тугу баҕарбыттарын сиэхтэрин сөп, тото-хана аһыыллар. Сорохтор ас-таҥас хантан кэлэрин билэллэр, сорохтор талбыттарын көрдүүллэр, сыаналаабаттар.

4.Үлэ-хамнас

Хачыгыр күнү быһа ыарахан үлэни үлэлиир, аччык, аанньа утуйбат буолан сэниэтэ букатын суох.

Билиҥҥи кэмҥэ эмиэ икки өруттээх буолуон сөп. Сорох оҕо үлэни-хамнаһы кыайа тутар, үлэлиирин сөбүлүүр, дьиэтигэр туһа-көмө буолар. Сорохтор улэҕэ-хамнаска сыстыгаһа суохтар, сатаабаттар, сөбүлээбэттэр, сүрэҕэлдьииллэр, барыта бэлэмҥэ олороллор.

5.Сүрэхтээх, үлэһит буолуу

Хачыгыр олус үлэһит, сатабыллаах, тулуурдаах, барыны бары сатыыр.

Билигин сүрэхтээх үлэһит оҕо үгүьү ситиһэр, олороругар чэпчэки буолар, туһалыыр. Онтон үлэлии үөрэммэтэхтэр, сүрэҕэ суохтар үгүс ыарахаттары көрсөллөр, табыллыбаттар, олохторугар миэстэлэрин булумуохтарын сөп.

6.Майгы -сигили

Хачыгыр аһыныгас сүрэхтээх, үтүө майгылаах, улэһит, тулуурдаах, олоххо тардыһыыта күүстээх.

Билигин майгы-сигили сатараата, сиэрэ суох быһыы элбээтэдии саныыбын. Сорох оҕолор тулуура суохтар, кыраттан кыйаханаллар, кыыьыраллар, санаалара түһэр. Сүрэҕэлдьииллэр, үөрэххэ тардыспаттар, атаахтыыллар.

7.Киһи киһиэхэ сыһыана

Хачыгыр туохтааҕар да ийэтин, аҕатын, быраатын таптыыр, ахтар, төһө да атаҕастабылга, батталга сырыттар, өстүйбэт, ыраас ис дууһата хараҥарбат.

Онтон билигин истиҥ сыһыан, убаастабыл сүтэн эрэр курдук. Киһи киһини аһыммат буолла. Бэйэмсэх буолуу, ымсыы, бэрт былдьаһыы, өстөһүү элбээтэ. Харчы элбэҕи быһаарар буолла. Оҕолор төрөппүттэрин истибэттэр, сыаналаабаттар.

8.Төрөөбүт дойдуга сыһыан

Төрөөбүт алааһыгар истиҥ сыһыана, ахтылҕана Хачыгырга күүс-сэниэ эбэр. Оннук төрөөбүт дойдута киниэхэ күндү.

Төрөөбүт дойду суолтатын өйдөөбөт оҕо олорор сирин, айылҕатын харыстаабат, киртитэр, алдьатар дии саныыбын. Ол эмиэ иитиититтэн тутулуктаах.

9.Оҕо саас

Хачыгыр оҕо сааһа икки кэмҥэ арахсар. Дьонун кытта кимтэн да сынньыллыбакка, мөҕүллүбэккэ олорбут көҥүл дьоллоох кэмэ. Уонна Күтүр Көстөкүүннээххэ олоҕо.

Билигин биһиги көҥүл дьоллоох кэмҥэ олоробут. Үүнэргэ-сайдарга, элбэҕи ситиһэргэ, киэҥ билиилээх буоларга үгүс кыах баар. Ону баара сорох оҕолор сиэрэ суох быһыыланаллар, инники олохторун айгыраталлар, түктэри суолу тутуһаллар.

10.Оҕо күннээҕи режимэ

Хачыгыр күннээҕи режимэ диэн күннэри, түүннэри сынньалаҥа суох ыарахан үлэ, аччыктааһын, тоҥуу-хатыы.

Оҕо күннээҕи режимэ уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, үөрэх тэрилтэтигэр сылдьарыттан саҕалаан, уоннааҕы бириэмэтин хайдах атааран, иллэҥ кэмигэр тугунан дьарыктанара көҥүл.

11.Оҕо быраабын күөмчүлээһин

Айымньыга саха дьаданы ыалын оҕотун туох да бырааба суох ыар кыһалҕалаах олоҕо ойууланар.

Билигин, мин санаабар, оҕо быраабын күөмчүлээһин суох дии саныыбын. Оҕону, оҕо быраабын көмүскүүр сокуоннар бааллар.

12.Оҕону иитии уратылара

Хачыгыр төрөппүттэрэ оҕолорун сылаас сыһыаннарыгар, тапталларыгар угуттаан, бэйэлэрин холобурдарынанүтүө майгылаах, амарах сүрэхтээх, аһыныгас дууһалаах, истиҥ сыһыаннаах гына ииппиттэрэ.

Оҕо иитиитэ, бастатан туран, дьиэ кэргэнтэн олус тутулуктаах. Сорох төрөппүттэр ону болҕомтоҕо уурбаттар, өйдөөбөттөр. Оҕолорун көрбөттөр, ииппэттэр, дьарыктамматтар,

үөрэппэттэр-такайбаттар. Онтон сылтаан оҕо инникитэ сарбыллар.

13.Оҕо олоххо бэлэмэ

Төьө да ыар олоххо олордор, хара батталга сырыттар күүстээх санаатын, эрэлин ыһыктыбат. Туох да үлэ буоллун барыны барытын сатыыр, кыайар.

Өскөтүн оҕо наьаа бэлэмҥэ үөрэнэн, үлэҕэ сыстыгаһа суох, атаах буоллаҕына, олоҕор кэккэ ыарахаттары көрсөр, баары сыаналаабат, олоҕугар миэстэтин булбат, буккуллар-тэккиллэр. Сыал-сорук туруоруммат, дьыалатын тиһэҕэр тиэппэт, кыраттан кыйаханар, санаата түһэр. Ол барыта иитиититтэн, тулалыыр эйгэтиттэн уонна бэйэтиттэн тутулуктаах. Оҕо олоххо бэлэмнээх буолара үгүс улэттэн, сыраттан тахсар.

Бу үлэбэр бэйэм саастыылаахтарым санааларын билээрибин кылааһым оҕолоругар кыракый ыйытык ыыппытым. Онно кинилэртэн маннык боппуруостары ыйыппытым:

  1. Эрилик Эристиин «Хачыгыр» айымньытын аахпытыҥ дуо?
  2. Хачыгыры төһө аһынныҥ?
  3. Кини олоҕо биһиэниттэн туох уратылааҕый?
  4. Билиҥҥи олоҕуҥ эн санааҕар хайдаҕый?
  5. Олоххо бэлэмнээх буолуу диэни хайдах өйдүүгүн?

Барыта 15 оҕо эппиэттээбитин көрөн баран, маннык түмүккэ кэллим:

  1. Айымньыны 100 % аахпыттар.
  2. Хачыгыры олус аһыммыттар эбит.
  3. Хачыгыр олоҕо биһиэниттэн олох атын, олус ыарахан, эрэйгэ-муҥҥа, батталга ааспыт диэн санааҕа кэлбиттэр.
  4. Билиҥҥи олохпут үчүгэй, сайдыылаах, барыта баар, бэлэм, дьадаҥы, баай диэн арахсыы суох диэн эппиэттээбиттэр.
  5. Үлэһит, инникигэ эрэллээх, күүстээх санаалаах, сыалын ситиһэр киһи олоххо бэлэмнээх буолар. Биир күн үчүгэй, биир күн куһаҕан буолуон сөп, сарсын туох буолара биллибэт. Онно барытыгар бэлэм буолуохха, араас ыарахаттартан чаҕыйымыахха наада. Эн олоҕуҥ хайдах буоларын бэйэҥ быһаараҕын. Доруобуйаҕын, аһылыккын көрүннүөхтээххин, сибиэһэй салгыҥҥа, айылҕаҕа сылдьыахтааххын диэбиттэр.
  6. Мантан көрдөххө, оҕолор оччотооҕу ыарахан олох диэн тугун өйдууллэр эбит. Көҥул, дьоллоох, бэлэм олоххо олорор эбиппит диэн санааҕа кэлбиттэр. Онон бу ыйытыкка эппиэттииллэригэр ырытан көрөн баран, үгүһү өйдөөбүттэрэ, толкуйдаабыттара буолуо диэн эрэллээхпин.

Түмүк:

Эрилик Эристиин «Хачыгыр» кэпсээнин сүрүн дьоруойун уонна билиҥҥи кэм оҕотун олохторун тэҥнээн көрөн, ырытан баран, маннык түмүккэ кэллимуонна доҕотторбор бу курдук диэн сүбэлиэм этэ:

  1. Биһиги, билиҥҥи кэм оҕолоро, хайдах курдук көҥул, дьоллоох олоххо олорор эбиппит диэн өссө төгүл өйдөөтүм.
  2. Үүнэргэ-сайдаргатөһө баҕар кыах, усулуобуйа баар, ону таба туһаныахпытын, баҕарыахпытын эрэ наада.
  3. Мин санаабар, сорох оҕолор наар бэлэмҥэ үөрэнэн, олоҕу олох сыаналаабаттар. Ол курдук биһиги норуоппут классик суруйааччылара оҕолорго анаан суруйбут айымньыларын аахтаахха үгүһү өйдүүгүн, олоххун сыаналыы үөрэнэҕин.
  4. Айымньы сүрүн дьоруойун олоҕун ылан көрдөххө, өбүгэлэрбит, биһиги курдук оҕолор, хайдах курдук ыарахан олоҕуолорон ааспыттарын өйдүүгүн.
  5. Оҕо олоххо бэлэмнээх буоларыгар күүстээх санаа, тулуур, дьулуур, эрэл, сатабыл, сүрэхтээх буолуу, үтүө майгы курдук хаачыстыбалар ордук наадалаахтар дии саныыбын.
  6. Чэгиэн-чэбдик сылдьарын туһугар оҕо күннээҕи режимин тутуһуохтаах, туһалаах, иҥэмтэлээх аһы аһыахтаах.
  7. Киһиэхэ туохтааҕар да күндү сылаас үтүө сыһыан буолар, онтон саамай хомолтолоох атаҕастабыл, сэнэбил.
  8. Олохпут төһө да сайыннар, телефоҥҥа, интернекка аһары

үлүһүйбэккэ, дьиэҕэ хааллан сыппакка, сибиэһэй салгыҥҥа оонньоон-көрүлээн, сүүрэн-көтөн, көҥүл көччүйэн, айылҕалыын алтыһан дьоллоох оҕо сааспытын атаарарбыт туохтааҕар да күндү.

Литература:

  1. Е. М. Поликарпова, Л. Ф. Молукова. С. Г. Олесова. «Төрөөбүт литература 6 кылаас» НКК «Бичик», 2016 с.
  2. Тобуроков Н. Н. Эрилик Эристиин: олоҕун уонна айар үлэтин туһунан очерк,Якутское книжное издательство,1963 г.
  3. Тобуроков Н. Н.,Окорокова В. Б. Эрилик Эристиин: олоҕо уонна айар үлэтэ. Дьокуускай Ситим-Медиа, 2016 с.


Задать вопрос