Поэт, тылбаасчыт, 1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ Архип Георгиевич Кудрин- Абаҕыыныскай Өлүөхүмэ улууһугар Абаҕанэһилиэгэр 1907 сыллаахха балаҕан ыйын 22 күнүгэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр, тулаайах хаалан эрэйи- муҥу көрсөн улааппыта.
Тыа сирин оскуолаларыгар учууталлыыра. Республика «Эдэр бассабыык», «Бэлэм буол» хаһыаттарын редакцияларыгар, Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар, республика радионан биэриитин комитетыгар уонна Сахасирин Суруйааччыларын союһун бырабылыанньатыгар үлэлээбитэ.
Архип Георгиевич Кудрин-Абаҕыыныскай бастакы кинигэтэ “Хоһонноор уонна ырыалар”1927 сыллаахха тахсыбыта. Кини Иркутскайдааҕы педагогическай институкка үөрэнэ сылдьан, РАПП тэрилтэтин чилиэнинэн уонна суруйааччылар бу тэрилтэлэрин Илин Сибиирдээҕи бырабылыанньаларын чилиэнинэн тылылла сылдьыбыта биллэр. (1, с.146)
Баара-суоҕа сүүрбэччэ саастаах эдэркээн киһи Архип Абаҕыыныскай диэн псевдонимынан илии баттаан саха уус-уран литературатын эйгэтигэр киириитигэр кэм-кэрдии уустугуран турара. Литература сайдыытын хайысхалара чуолкайдана иликтэрэ. Россия үөһүгэр араас сүүрээннэр охсуһаллара. Айар бөлөхтөрү түммүт М. Горькай тэрийбит 1934 сыллааҕысъеһэ буолуо өссө да эрдэ этэ. Маннык будулҕаннаах кэмҥэ саҥа саҕалаан эрэр дьоннор Россия үөһүгэр тахсыталыыр сабыдыалларыүтүктэ сатааһыннара даҕаны, литературнай процесс чопчу наадалаах хайысхаларын таба тайаналлара даҕаны, оччотооҕу политическай быһыыга-майгыга барытын сөптөөхтүк ырыҥалаан сыһыаннаһаллара даҕаны уустук эбитэ буолуо.
Итинник уустук кэмҥэ айан-суруйан уус-уран литератураҕа киирбит Архип Абаҕыыныскай үгүһү ситэ-хото өйдөөбөккө, көлүөнэтин сорох дьонун курдук, ардыгар харса-хабыра да суох тылга-өскө тиийтэлээн хаалара эбитэ буолуо.(2, с. 6.)
Архип Абаҕыыныскай төһө даҕаны кылгас кэмҥэ бу күн сиригэр олорон аастар саха поэзиятыгар суолун-ииһин хаалларбыт киһинэн буолар.Поэттар да, критиктэр да бэлиэтээһиннэригэр олоҕуран эттэххэ.Архип Абаҕыыныс- кай саха оччотооҕу поэзиятыгар саҥаны киллэрэ сатаабыта. Ону кини айар үлэтин маҥнайгы кэрдиис кэмигэр суруйталаабыт хоһоонноро даҕаны кэрэһэлииллэр”.Кини саха народнай ырыатын судургу, дьэҥкэ киэбиттэн оччотооҕу нуучча формалист поэттарын араастаан эрийэ-буруйа суруйар “уустук “поэтикаларын үтүктүүгэ тиийэ араас формалары туттара.”(2, с.8)
Лирическэй хоһооннортон ырытыы
Тиэкис Тыыннааҕымсытыы
Күндэл көҥүл күммүт
Күндү күлүм мичийдэ
Кустуктаах ырыалар кубалыы дайдылар
Алгыстаах тойуктар айхаллаан бардылар (2, с.17)
Колхоз бу бараммат барҕа баайа-
Хонуу-сыһыы устун хотолдьуйар (2. с.22)
Сөрүүн тыал имнэннэ
Хаалтыспын тэлээртэ
Сөрүөстэн кулгаахпар сипсийдэ
Далбарым тапталын кэпсээтэ
Сүрэхпин сөргүтэ
Харахпын сыллаата
Сүүспүттэн,уоспуттан уураата
Далбарым тапталын таайтарда (2, с.23)
Сир кыынньар, долгуйар,үүнэр
Күн туойар
Сир үөрэр
Симэҕин күн уота киэркэтэр (2, с.24)
Уу-чуумпу иһийдэ
Иһиллии ньимийдэ(2, с.25)
Туналҕан толонноох ыйдаҥаҥ
Абылаан поэты долгутта
Ааспыты, буолуоҕу санатта (2, с.26)
Сэмэйдик сэһэргии
Сиккиэр тыал илгийэр
Сэбирдэх тэримнии сипсиһэр
Имэҥнээх кэм иэйэр,иҥ кэйэр
Ыйдаҥа сыдьаайар ыллаһар
Хампа симэх хочобут мичиҥниир (2, с.27)
Күлүм күммүт мичиҥнии
Көрдөһүүнү истибиттии (2, с.33)
Хаары салгын салаабата (2,с 36)
Сири, күнү кытта сэлэһэн(2, с.37)
Сырдык-хараҥа кууста (2, с.38)
Сиккиэрбит түһэн улуйда (2, с.39)
Алар тыалар силэллэннэр,
Эҕэрдэнэн көрүстүлэр (2, с. 40)
Уот чолбон хараҕа дьиримнии ымайда(2, с.42)
К6мүс ый кылбааран мичээрэ уһунна
Тапталбыт уоттанна
Мичээрэ уһунна
Оо, халлаан, мичиҥнээ (2, с.43)
Чап-чуп- чиип ырыалаах
Көтөллөр «Саас иһэр!
Саас иһэр!-дэһэллэр (2, с. 74)
Хахсаат-бусхаат хаһыырда (2, с.89)
Сааскы уулар ыллыыллар
Сандал күнү алгыыллар (2, с.91)
Уоттаах төлөн санаалар эйигин кууһаллар
Уһун айаҥҥа утуйбут өйүҥ уһуктар (2,с.98)
Сарпа сулус кистэннэ (2. С.101)
Салгын сыта дыргыйар
Сайыҥҥыны санатар (2, с.104)(
Литература:
1 Попов-Тумат С. А.. Уот сэрии кэпсэтэр тылынан. Якутск: Бичик, 2005 с.
2 Абаҕыыныскай А. Талыллыбыт айымньылар. Дьокуускай: Бичик. 1997 с.