Уус-уран литератураҕа хаары ойуулааһыны ылан көрдөххө, саха бастакы суруйааччыларыттан саҕалаан, лирик-поэттарга тиийэ үксүлэрэ хаар туһунан айымньылаахтар. Саха литературатын төрүттээччи уонна бастакы көлүөнэ поэттар хоһоонноругар хаары хоһуйуу сэдэхтик көстөр. Кэнники кэм суруйааччыларыгар хоһоонноругар хаары күүтүүлээх кэм кэрэ көстүүтүн быһыытынан хоһуйуу балачча элбэхтик көстөр. Онон, хаар саха киһитигэр олус чугас, сүрэҕин сылаанньытар, манньытар, төрөөбүт дойдутун ахтылҕаннаах көстүүтэ буолар, ол эрээри эмиэ да тымныынан харыйар, кыыдааннаах кырыа кыһыны кытта ситимниир, ирбэт тоҥун тутула, өбүгэбит олоххо тардыыһыытын күүһүн бэлиэтэ буолан хоһооҥҥо хоһуллар буоллаҕа.
Алампа поэзиятыгар айылҕаны ойуулааһын, пейзажнай лирика биир сүрүн миэстэни ылар. Дьыл түөрт кэмин ойуулаабыт поэт хоһоонунан айымньыларыгар хаар дьүһүлгэнин ойуулааһынын, туттууутун ырытан көрөргө сананным. Кини бастакы 1912 с. суруйбут “Төрөөбүт дойду” хоһоонугар хаар дьүһүлгэнин көрөбүт: халыҥ хаар, хаар бэргэһэ. А. И. Софронов “Хоһооннор, поэмалар” уонна “Ырыа быстыыта хоһоон” кинигэлэрин ааҕан, уопсайа 21 хоһоонугар 50 төгүл хаар диэн тылы туттубутун булан картотека оҥоһуннум. Поэт хаар дьүһүлгэнин икки араастык туттубут: 1) Хаары бэйэтин суолтатыгар туттуу; 2) Олоҕу кытта ситимнээн анааран көрүүгэ туттар. Оччотооҕу кэмҥэ төрөөбүт дойдута, саха дьоно ыраахтааҕы, баай батталыгар хам баттатан, бэйэлэрэ бас билэр көҥүлэ суохтарын көрдөрбүт. Ол туһунан бэйэтин санаатын Г. П. Башарин “Три якутских реалиста-просветителя” диэн монографиятыгар суруйар: “Царизм калечил культуру, стеснял язык якутов, держал их на невежестве... Софронов прибегал к условностям — символам. Он находил самые подходящие для тогдашней цензуры символы. Глубокий снег, толстые льды, трескучий мороз... — вот что сделало дореволюционную Якутию похожей на труп, лежащий под землей” [1]. Поэт төрөөбүт дойдута батталтан уһуктан, өйө-санаата уһуктарыгар туох эрэ кыра хамсааһын саҕаланан эрэрин көрдөрбүтүн Г. Р. Кардашевксай төрөөбүт дойду кэрэ кэскилин туһунан үйэҕэ иһиллибэтэх үтүө тыллар этиллибиттэрэ диэн сыаналыыр. Онон, Алампа хоһоонноругар хаар дьүһүлгэнин айылҕа кэрэ көстүүтүн, дьыл кэмин ураты бэлиэтин эрэ курдук туттубут буолбакка, кыһын айылҕа уһун уутугар утуйа, хаарга баттатан турарыгар киһи, норуотун олоҕун кыһалҕалаах өрүтүн, батталга, хааччахха олорорун көрдөрбүт, тоҥуу хаарга бастакынан суол хаалларыыга тэҥнии тутан, киһи олоҕор саҥа арыйыылары, саҕахтары бэлиэтээбит, хаар дьүһүлгэнин ураты суолтаҕа олоҕу бөлүһүөктүү анаарыыга туттубут диэн түмүккэ кэллим. Алампа хаар дьүһүлгэнин туттуута атын суруйааччылартан туох уратылааҕын Семен Данилов хоһооннорун кытта тэҥнээн көрдүм: хаар кэрэ көстүүтүн хоһуйар, бэйэтин суолтатыгар туттар; хаарынан киэн туттарын бэлиэтиир; хаары ыраас, сырдык, чэпчэки өйдөбүлүгэр туттар. Алампа уонна Сэмэн Данилов хаар дьүһүлгэнин туттууларыгар уратылаахтарын бэлиэтээтим: Алампа хаары баттал, хаайтарыы суолтатыгар туттара элбэхтэ көстөр эбит буоллаҕына, Сэмэн Данилов “хаара” — чэпчэки, ыраас, сырдык, дьол, үөрүү-көтүү бэлиэтэ эбит. Алампа хоһоонноругар хаар арааһын туттуутун маннык наардаатым: халыҥ хаар диэн саамай элбэхтэ туттубут — 7, ол кэннэ: маҥан хаар -3, көмнөх, кыраһа, көмүрүө хаар — 3-түүтэ. Биирдиилээн хаар арааһа — 13. Ханыыласпыт тыллар: ардах-хаар-2, уу-хаар-1 төгүл туттуллубуттар. Тыл ханыылаһар буоллаҕына, суолтата, өйдөбүлэ кэҥиир, тэнийэр. Алампа хоһооннорун ааҕан баран, хаар суолтата элбэх, билбэт тылым үгүс эбит диэн, “Саха тылын быһаарыылаах тылдьытыттан” көрдүм. Алампа хоһоонноругар туттубут хаарын арааһын наардаан түмтүм. Курулас хаар, ирбэт хаар, кураанах хаар, ойбон хаар суолталара тылдьыкка бэриллибэтэх. Бэйэм быһаарарга холоннум. Холобур: ойбон хаар диэн хоһооҥҥо бэйиэт туттубутуттан көрдөххө, булчут батарыта түһэ сылдьар халыҥ, тоҥуу хаарын эппит. “Алампа хоһоонунан айымньыларыгар хаар арааһын тылдьытын” оҥордум. Бу тылдьыт төрөөбүт тылбыт үйэлээх буоларыгар уонна уруокка туттарга көмө матырыйаал буолуоҕа. Ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы туттуу хоһоон тылын байытар, уус-уран тыынныыр күүстээх. Алампа хаар диэн тылы туттубут хоһооннорун тылын-өһүн ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматын ырытан көрдөххө, тэҥнэбили, тыыннааҕымсытыыны, эпитет арааһын, аллитерацияны туттубут. “А. И. Софронов... кээмэйдээх, тэҥ сүһүөхтээх (тоническай) аллитерационнай хоһооннору саҕалааччынан буолбута” диэн Г. Р. Кардашевскай сыаналаабыта.
Түмүктээн эттэххэ, лирик-поэт бэйэтин айымньыларыгар дууһатын, ис туругун, сүрэҕэ тугу саныырын, туохха долгуйарын көрдөрөр. Ол курдук Алампа хоһоонноругар хаар айылҕа кэрэ көстүүтүн, Саха сирин тыйыс кыһынын ураты бэлиэтэ буоларын көрдөрбүт эрэ буолбакка, хаары олоҕу анаарыыга туспа ураты бэлиэ (символ) быһыытынан туттубут поэт буолар. Алампа хоһоонунан айымньытыгар хаарынан сирэйдээн норуот батталга, атаҕастабылга, үөрэҕэ суох хараҥаҕа хаайтаран олорорун көрдөрбүт ураты суоллаах-иистээх поэт буолар. Хаар арааһа элбэҕин күннээҕи олохпутугар туттубат буолан эрэрбит, олохпут тутула, үлэбит-хамнаспыт уларыйбытын, айылҕаны кытта алтыһыыбыт аҕыйаабытын көрдөрүөн сөп эбит. Төрөөбүт тылбыт хомоҕойун билэр сыалтан, сайдарын туһугар кыра тылдьыттары оҥорон тарҕатыахха, туһаныахха сөп.
Туһаныллыбыт литература:
- Башарин Г. П. Три якутских реалиста-просветителя. Якутск., 1994г
- Билюкина А. А. Алампа…(жизнь в творчестве) — Якутск, 2001
- Данилов С. П. Талыллыбыт айымньылар. 2 туом. Хоһооннор, поэмалар. Якутскай, 1985с
- Семенова В. Г. Алампа: личность норуот историятыгар суолтата. — Дьокуускай: СитимМедиа, 2011.
- СофроновА. И. Хоһооннор, поэмалар. Якутскай., 1976с
- Софронов А. И. Ырыа быстыыта хоһоон. Дьокуускай., 1996
- Большой толковый словарь якутского языка // — Новосибирск: Наука, 2016. — Т. 13: (Буква Х) — 648 с.