А. Г. Кудрин — Абаҕыыныскай «Кэрэ-бэлиэ күннэрбит» хоһоонун ырытыы | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 324 раза

Библиографическое описание:

Петрова, Айыына. А. Г. Кудрин — Абаҕыыныскай «Кэрэ-бэлиэ күннэрбит» хоһоонун ырытыы / Айыына Петрова, А. И. Афанасьева. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 88-89. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2912/ (дата обращения: 19.12.2024).



Мин 5-с кылааска үөрэнэбин. Саха литературатын уруогар сөбүлээн дьарыктанабын. Хоһоону ааҕан баран, ис хоһоонун туһунан толкуйдаан, ырытан көрөргө холонобун. Ааҕыыларга кыттааарыбын, оскуолам библиотекатыттан Архип Георгиевич Кудрин — Абаҕыыныскай 1958 с. тахсыбыт «Талыллыбыт айымньылар» кинигэтин булан аахтым.

Кинигэ 4 бастаах, ол иhигэр 9 кэрчик тиэмэлээх. Мин «Күөрэгэй көрө» тиэмэттэн «Кэрэ-бэлиэ күннэрбит» диэн тэттик хоһоону талан ырытарга сананным.

  1. Айымньы ис хо һ ооно

Хоһоон 1920-с сылларга суруллубут, кылгас этиилэрдээх үс строфаттан турар. Бастакы строфаҕа кэрэ кэм кэлбитигэр күөрэгэй чыычаах ырыата-тойуга элбээбитин туһунан этиллэр. Архип Абаҕыыныскай бу строкаларга ол ыраах кэмнэргэ төрөөбүт норуоппут саҥа саргылаах, көҥүл олоххо үктэммитин туһунан хоһуйан суруйбут. Поэт кэлбит кэрэ кэми, атын олоҕу хоһоонугар тымныы кыһын ааһан, сандал саас, ириэрии кэлбитинэн уобарастаан көрдөрбүт.

Иккис строфаҕа харыйа чыычааҕынан биhиги дойдубутугар олорор араас омук маннык иллээх-эйэлээх олох кэлбититтэн үөрэрин, бэйэтин дьоллоохтук сананарын этэр. Бүтэһик строфаҕа ааптар биhигин ыйаабыт сирэ, Олоохуна, эдэр дьоно бу үөрүүгэ кыттыһалларын туһунан санааны суруйбут.

Өр кэтэспит кэмэ тиийэн кэлбитигэр поэт дууһатыгар үөскээбит иэйиититтэн бу хоһоон суруллан тахсыбыт дии санаатым.

  1. Хо һ оону ырытыы
    1. Хо һ оон тутула.

Хоһоон аллитерационнай тутуллаах. Строка иннинээҕи уонна строка иһигэр аһаҕас уонна бүтэй дорҕооннор дьүөрэлэһиилэринэн айыллыбыт.

Кэрэ-бэлиэ күннэрбит

Кэлээхтиирин саҕана

Күөрэгэйдиир чыычаахпыт

Көрө-нара үксээтэ.

Хоhоон силлабическай форманы эмиэ тутуhар. Ол курдук тэҥ сүһүөхтээх тыллар наардаммыттар.

Хаарыаннаахай күннэрбит (4–3) -7

Хайыһаахтаан кэлиитэ (4–3) -7

Харыйабыт чыычааҕа (4–3) — 7

Ханыылаһа ыллаата. (4–3) — 7

Бу кылгас хоһоон рифмата суох кэриэтэ, ол эрээри майгыннаһар сүһүөхтэр бааллар.

Кэрэ-бэлиэ күннэр бит

Күөрэгэйдиир чыычаах пыт

2.2. Хо һ оо ҥҥ о туттуллубут уус-уран ньымалар

Уус-уран ньымалар хоһооҥҥо уобараhы айарга туттуллаллар.

«Кэрэ-бэлиэ күннэрбит» хоһооҥҥо эпитет күннэрбит диэн тылга чопчу туттуллубут: кэрэ-бэлиэ күннэрбит, хаарыаннаахай күннэрбит, илэ-бааччы күннэрбит . Поэт к ү ннэрбит диэн тылы ураты эйэҕэстик, истиҥник хаста да этэр, хатылыыр.

Тылы көспүт суолтаҕа туттуу, метафора, хоһоону сэргэхситэн биэрэр: күөрэгэйдиир чыычаахпыт көрө-нара үксээтэ, харыйабыт чыычааҕа ханыылаһа ыллаата (чыычаах ыллыыр, көтөр-дайар). Поэт дьон-сэргэ үөрүүтµн-көтүүтүн, сэргэхсийиитин ырыаһыт күөрэгэйинэн, харыйа чыычааҕынан көрдөрөр.

  1. «Олоохуна» тыл суолтатын бы һ аарыы

Хоһооҥҥо Олоохуна диэн тыл баарын дьиктиргээн, интернеккэ Google ыстатыйатыгар ааҕан биллим.

XVII үйэҕэ нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ Өлүөхүмэҕэ эбэҥкилэр олорбуттар. Кинилэр өрүһү Олоохуна диэн ааттаабыттар. «Улуки», «олоки» — эбэҥкилии « тии ҥ » диэн суолталаах тыл. Өлүөхүмэ тыатыгар элбэх тииҥ баар эбит. Өлүөхүмэ топонимиhа (сир-дойду ааттарын үөрэтээччи) В. А. Кейметинов «Олекма» диэн тыл «елики», «улики» диэн тылтан тахсар диир. Олохтоохтор эмиэ итинник саныыллар эбит.

[Николаева А. А. Топонимика Олекмы./А. А. Николаева Р. И. Уйгурова. — Текст: непосредственный// Юный ученый. — 2–17. — № 11.1 (10.1). –С.44–45.]

Т ү м ү к

Саха норуотун талааннаах суруйааччыта Архип Абаҕыыныскай «Кэрэ-бэлиэ күннэрбит» хоһоонун ааҕан, ырытан холонон көрөн бараммын манныгы бэлиэтээтим:

1. Хоһоонунан ааптар ааҕааччыны кытта бэйэтин иэйиитин үллэстэр уонна тулалыыр эйгэни, онно буолар уларыйыылары, айылҕа эгэлгэ көстүүтүн ылынарга, төрөөбүт дойдуну таптыырга үөрэтэр;

2. Тэттик хоһооҥҥо уус-уран ньымалар туттуллан, хоһоон этэр тыла ааҕааччыга тиийэригэр көмөлөhөллөр;

3. Мин бу хоһоону ааҕан баран, күөрэгэй чыычаах дьырылыыр ырыатын истибит уонна үгүс дьон үөрбүт-көппүт сирэйин чахчы көрбүт уонна үөрүүтүн үллэстибит курдук сананным.

Литература:

  1. Талыллыбыт айымньылар. /А.Абаҕыыныскай/. — Якутскай.1958-Саха сиринээ±и кинигэ изд.
  2. Литература теорията /В. Б. Окорокова/. — Дьокуускай. 2004.
  3. Народные писатели Якутии. Очерки. /Д. Е. Васильева/ / Якутск: Бичик, 1995. -160 с.
  4. Писатели земли олонхо: / Сост.: Д. В. Кириллин, В. Н. Павлова, С. Д. Шевков. — Якутск: Бичик, 2000. — 448 с.
  5. Тобуроков Н. Н. Якутский стих./ Дьокуускай,1985.


Задать вопрос