Биир дойдулаахпыт сырдык аатын үйэтитэр сыаллаахүлэлээтим. Ону ситиһээри кылааһым оҕолоругар анкета толотторон, Дмитрий Ананьевич уоттаах сэриигэ сылдьыбыт сирдэрин үөрэтэн, каарталаан, остуол оонньуутун оҥордум. Сэрии ыар тыынын ким да умнуо суохтаах, ытыктыыр, кэриэстиир — ытык иэспит. Герой олоҕун, хорсун сырыытын үйэтитэр сыаллаах оонньуу оҥорбутум — үлэм сонуна.Маннык остуол оонньуутун нөҥүө дойду историятыгар интэриэһи тардыахха сөп диэн сабаҕалыыбын.
Дмитрий Ананьевич Петров от ыйын 8 күнүгэр 1921 сыллаахха Тааттаҕа, Таастаах диэн алааска төрөөбүтэ. Оҕо сылдьан тулаайах хаалбыта. Начальнай оскуоланы Ньимиидэҕэ бүтэрбитэ, ол кэнниттэн Ытык-Күөлгэ уонна Уолбаҕа үөрэммитэ. Оҕо сылдьан,,Чапаев " киинэни сөбүлээн көрөрө, доҕотторунуун элбэх буолан сэриилэһэ оонньууллара. 1938 с. Дьокуускайдааҕы культпроссвекка үөрэнэ киирэр. Иккис курска үөрэнэн иһэн, 1940 с күһүнүгэр салгыы үөрэнэр үбэ суох буолан, дойдутугар төннөн тахсыбыта. Райсовет коммунальнай отделыгар табельщигынан, онтон «Бойобуой» промартыал бухгалтерынан үлэлээбитэ.
Бииргэ үөрэнэр оҕолорум кини туһунан төһө билэллэрин бэрэбиэркэлээн анкета толоттордум. Ол түмүгүнэн, кини бойобуой суолун билбэттэр эбит диэн санааттан “Д. А. Петров бойобуой суолунан” диэн ааттаах остуол оонньуутун оҥорордум. Оонньуум туспа быраабылалаах, сорудахтаах, фишка быраҕан хаамаҕын. Карточка нөҥүө герой сылдьыбыт сирдэрин, хорсуннук сэриилэспитин, туох иһин наҕараадаламмытын билэҕин. Сэрии тиэмэтин көрдөрөрүн иһин сөптөөх эппиэт иһин былаах ылаҕын, миинэлээх хонууга түбэстэххинэ, ыйытыыга эппиэттиигин, халампаас төгүрүккэ оонньооччу 1 хардыы төттөрү хаамар. Снайпердаах төгүрүккэ оонньооччу засадаҕа түбэһэр уонна кубик быраҕар, онно 5–6 түбэстэҕинэ, биир хардыы хаамар уонна былаах ылар. 1–4 очкоҕа биир хардыы төттөрү хаамар. Биэтэккэ ким бастакы кэлбит кыайар, элбэх былаах-карточка ылбыт оонньооччу дьоруой аатын ылар. Оонньуу түмүгүнэн Герой Петров туһунан элбэҕи билэр буолаҕын.
Дмитрий Ананьевич 1942 с. армияҕа тылланан, түөрт доҕотторунуун бары бииргэ сэриигэ барбыттара. Ивановскай уобаласка тиийэн, 10-с снайперскай пуолкаҕа үөрэнэр, сержант званиятын ылан, отделение командира буолан снайпердары үөрэтэр. 1944 с. фроҥҥа айанныыр. Танкодесантник автоматчикка үөрэнэр, разведкаҕа элбэхтэ сылдьыбыт. Кини сулууспалаабыт таанкабай куорпуһа сэрии суостаах уотугар тыҥааһыннаах киирсиигэ киирэрэ, элбэх уордьанынан наҕараадаламмыта.
Албан аат үс уордьанын ылбыт киһи Геройга тэҥнээх. Бу уордьан 1943 с. сэтинньи 8 күнүгэр олохтоммута. Урут ыраахтааҕылаах Россия дьиҥ харса суохтары, хорсуннук сэриилэспиттэри наҕараадалыырга 4 степеннээх Георгиевскай Кириэс диэн уордьан баара. Албан аат уордьан онно маарынныыр. Уратыта: Кириэс оннугар Сулус, лиэнтэтэ урукку курдук. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 3 степеннээх Албан аат уордьан 886 тыһ. киһи, 2 степенин — 46 тыһыынча, 1 степенин 2456 киһи ылбыттар.
Дмитрий Ананьевич3 степенинэн1944 сыллааххахорсунун иһин наҕараадаламмыт. 1945 с. Берлиҥҥэ чугаһыыллар. Треттин куорат иһин сэриигэ өстөөх буускатын уонна расчетун суох оҥорон, 2-с степенинэн 1945 сыллаахха наҕараадаламмыта. Сержант Петров Хозыштейн иһин кыргыһыыга өстөөх дзотугар сыыллан тиийэн амбразуранан гранааталары тамнаан, дзот горнизонун кыдыйан, кыргыһыы дьылҕатын быһаарбытын иһин, 1-кы степенин ыам ыйын 31 күнүгэр 1945с туппута, ити сэриигэ бааһырбыта да, сэриилэһэрин тохтоппотоҕо. Польша Лодзь куоратыгар госпитальга сытан, Кыайыы буолбут өрөгөйдөөх сураҕын истибитэ.
Ытык-Күөлгэ дьоруой Д. А. Петров аатынан уулусса уонна оскуола, пааматынньыктар бааллар. Кини туһунан кинигэлэр, поэма баар.
Маннык түмүккэ кэллим: биир дойдулаахпыт аатын үйэтитэр ытык иэстээхпит; чахчы хорсун быһыыларын иһин бу уордьаннары ылан, Герой аатын сүгэр; маннык остуол оонньуутун нөҥүө Аҕа дойду Улуу сэриитин историятын билиэххэ сөп; ытык дьоммутун убаастыыр, кэриэстиир ытык иэспит.
Литература:
- Кавалеры ордена Славы. Википедия
- Орлен Славы. Википедия.
- Үс албан аат уордьан кавалера. Таатта, 1999 с
- Шестакова Е. И. Д.А. Петров. Таатта, 2005 с