Үлэм сыала — соруга: 1. Федор Кузьмич Попов туһунан оҕолор төһө билэллэрин ыйыталаһыы; 2. Кини туһунан араас литературалары ааҕан, бэйэ билиитин хаҥатыы 3.Аймахтарга «Герой ыһыаҕын» тэрээһинигэр кыттыы; 4. Баатара нэһилиэгэр таайбыт олорбут олоҕун, оҥорбут хорсун быһыыларын үйэтитэр сыаллаах научнай — практическай ааҕыыларга кыттыы 5. Кыайыы юбилейнай даталарыгар таайбыт көмүллэ сытар сиригэр аймахтартан Белоруссияҕа баран, унуоҕар венок ууруу.
Федор Кузьмич Попов олоҕо
Таайым 1921 с. ахсынньы 8 күнүгэр Мэнэ-Ханалас улууһугар II Баатара нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Парасковья Константиновна, Кузьма Самсонович Поповтарга күүтүүлээх уол оҕонон төрөөбутэ. 1931 сыллаахха Сүөдэр оскуолаҕа киирэр, пионер буолар. Ф. К. Попов 1942 с. бэс ыйын 24 күнүгэр Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан бэбиэскэни тутар. Кини Ийэ дойдутун өстөөхтөртөн быыһыыр күүстээх санааны ылынан, бэйэтэ тылланан, баҕа өттүнэн сэриигэ аттанар. Федор Попов Хотугулуу-арҕааҥҥы Украинаны босхолуур Киин фронт 61-с армиятыгар стрелогунан сулууспалаабыта.
Герой Попов төрүччүтэ
Бу мин хос — хос эһэм Кузьма, кини 10 оҕолоох, 8-c оҕонон Федор, онтон кини балта- мин хос эбэм Евдокия буолар.Евдокия 4 оҕолоох, онтон 4-с кыра оҕонон буолар — мин эбэм Вера,кини 1 соҕотох оҕото- мин аҕам Петр буолар.Онтон бу биһиги.
2019 сыл сэтинньи 25 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун делегациятыгар киирсэн, Белоруссия Республикатын Гомель куоратыгар таайым көмүллэ сытар сиригэр баран кэлбиттэрэ. Онно мин бииргэ төрөөбүт эдьиийим Айсена бара сылдьыбыта, 3 хос сиэннэр Белоруссия сиригэр көрсүбүттэрэ, билсибиттэрэ: Айсена (мин эдьиийим) — Федор Кузьмич балта Евдокия хос сиэнэ,Вова — ФедорКузьмич эдьиийэ Парасковья хос сиэнэ, Настя — ФедорКузьмич улахан убайа Назар хос сиэнэ буолар.
Оҥорбут хорсун быһыыта
1943 сыл алтынньы 3 кунугэр бастакылартан биирдэстэринэн ууга ыстанан киирэн, Днепр уҥа биэрэгэр туораан өстөөх 23 офицердарын, саллааттарын кыдыйбыта, өстөөхтөртөн ручной пулеметы былдьаан ылбыта.Өрүһү туорааһыҥҥа Командование бойобуой сорудахтарын чаҕылхайдык толорбутун уонна көрдөрбүт хорсун быһыытын уонна геройствотын иһин Федор Кузьмич Поповка Советскай Союз Геройун үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Ф. К. Попов туһунан кырдьаҕас уонна орто көлүөнэ сахалар бары билэр буолуохтаахтар.Оттон билигин патриотическай тыыҥҥа иитии мөлтөөбүт кэмигэр ыччаттартан билбэт да баар буолуон сөп. Ол иһин Ф. К. Попов биир дойдулааҕа,кырдьаҕас суруналыыс Л. Г. Колесов Герой туһунан киэҥ ис хоһоонноох ахтыытын билсиэҕиҥ:
“1940 сыллаахха, кураан сыллар саҕаланан эрдэхтэринэ, Сүөдэр Попову “Октябрь” колхоз биригэдьииринэн аныыллар. 19 саастаах уол аймах — билэ дьоннорун, алаастарынан быданан олорор атын колхозтаахтары салайааччы буола түһэр. Ол дьон эдэр биригэдьиир оттомноох, лоп курдук дьаһалларын ылынан уопсай үлэҕэ — хамнаска көхтөөхтук туруналлара. Биригэдьиирдэрэ күргүөмнээх үлэлэргэ кинилэри кытта тэҥҥэ сылдьарын олус сөбүлүүллэрэ. Ити сыл Сүөдэргэ улахан түбүктээх этэ: агитатордар семинардарыгар, ОСОАВИАХИМ занятиеларыгар, драмкуруһуокка ыраах баҕайы сиртэн сотору-сотору бөһүөлэккэ кэлэрэ. Биригэдьиир киһи буолан, хата, атынан сылдьара.
Сэрии “Октябрь” колхоз олоҕун, атыйахтаах уу курдук аймаабыта. Хайы — үйэ ол сайын үлэни кыайар үгүс эр дьон фроҥҥа аттаммыттара. Онуоха эбии, алдьархайдаах уот — кураан сатыылаан,алаастар, өтөхтөр күөх ачаларын аһыҥа көрүөх бэтэрээ өттүгэр кубарыччы салаабыта, бурдугу өрүһүйээри бааһыналары тула дириҥ ханаабалары хаһар кыһалҕа тирээбитэ. Сүөдэр, күнүстэри — түүннэри эргиччи кэриэтэ сылдьан, дьону кытта сүбэлэһэрэ, туох баар оҕону — дьахтары аарыма кырдьаҕастарга тиийэ үлэҕэ туруорара. Сааһыары оскуолаҕа нууччалыы кэпсэтиигэ үөрэтэр куруһуок, бары бүттүүн байыаннай үөрэх занятиелара, бырабылыанньа, колхозтаахтар уопсай мунньахтара, лекция, дакылаат тиһигэ быстыбат кэриэтэ этилэр. Дьиэтигэр ыкса киэһээ, арыт түүн үөһүгэр, дэлби сылайан кэлэрэ.
1942 сыл бэс ыйын бүтүүтүгэр Сүөдэргэ бэбиэскэ тиийэн кэлбитэ. Убайыгар Бүөтүргэ биригээдэтин дьыалатын туттаран баран, Сүөдэр сэриигэ аттаммыта. Кини ол сайын Пермь куорат аттыгар байыаннай үөрэххэ сылдьыбыта. Кинилэри хайыһардьыт — автоматчик буоларга бэлэмниир сындалҕаннаах, ыар занятиелар саҕаламмыттара. ”Үөрэнэргэ ыарахан буоллаҕына,сэриигэ чэпчэки буолар”диэн Александр Суворов ыйыытынан салайтаран буоллаҕа буолуо,командирдар ыарахантан ыарахан соруктары туруортууллара. Сүөдэр балачча тулуйбахтаан баран, ахсынньы саҥатыгар чысхааннаах тыалга тымныйан госпитальга киирбитэ.Үөрэнэ сылдьан дьонугар суруйбут суруктарыгар кини: “Автоматчик буоларга үөрэнэбин,үчүгэй сэрииһит буолуохпун баҕарабын уонна оннук буоларга кыһанабын”,-диирэ.Дойдутун,дьонун ахтарын суруйара,үлэ-хамнас,олох-дьаһах хайдаҕын мэлдьи сураһара. Госпитальга түөрт аҥар ый сытан бииргэ үөрэммит дьонуттан быстан хаалбыта. Свердловский уобаласка ыйтан ордук,байыаннай лааҕырга үөрэтэн баран,фроҥҥа ыыппыттара. Орел куорат аттынааҕы кыырыктаах кыргыһыылар кэннилэриттэн, 81-с дивизия сибиэһэй күүстэри эбинэн баран,балаҕан ыйыгар 61-с армия састаабыгар киирбитэ.Ити кэмҥэ Федор Попов фроҥҥа кэлбитэ уонна 81-с дивизия 467-с полкатын бастакы батальонун 3-с ротатыгар рядовой саллаат этэ.Дивизия сэриилэһэ-сэриилэһэ Днепргэ тиийээт да,тута туоруурга быһаарыммыта.Байыаннай чаастарга,подразделениеларга улахан партийнай-тэрийэр,политическай иитэр үлэ ыытыллыбыта. Ф. К. Попов баар 3-с стрелковай ротата өрүһү туоруу охсор бирикээс ылбыта. Алтынньы 2 күнэ буолар түүнүгэр ити бирикээһи сэрииһиттэргэ иһитиннэрбиттэрэ. Сарсыарда халлаан саҥардыы суһуктуйан эрдэҕинэ, өрүскэ хойуу туман түспүтэ.Өрүһү туорааһын саҕаламмыта. Ф. К. Попов өлөрүн кэрэйбэккэ бастакылартан биирдэстэринэн ууга ыстаммыта уонна Днепр уҥа кытылыгар харбаан туораабыта, бастакынан өстөөх траншеятыгар ойон киирбитэ, автомат уотунан уонна илиинэн киирсиигэ өстөөх 23 саллаатын уонна офицерын сууһарбыта, немец ручной пулеметун харбаан ылбыта, хардары атаакалаан эрэр өстөөх пехотатын утары дохсун уоту аспыта, онон өрүс уҥа кытылыгар ротата туорууругар кыах биэрбитэ. “Немец талабырдьыттарын утары кимэн киириилээх кыргыһыыларга, — диэн этиллэр рядовой Попову наҕараадалыыр лиискэ, — ордук Днепри туорааһыҥҥа Ф. К. Попов бэйэтин хорсун, бигэ сорунуулаах уонна эр санаалаах байыас быһыытынан көрдөрдө. Өстөөх,бэйэтигэр табыгастаах кирбиигэ бөҕөргөтүнэ сытан,артиллерия, миномент дохсун уотунан уонна салгынтан буомбалаан Черниговскай уобалас Любечскай оруйуоннааҕы Любеч бөһүөлэгиттэн арҕаа диэки өттүгэр,биһиги подразделениеларбыт Днепр уҥуор кытылыгар туоруулларыгар ханнык да кыаҕы биэрбэтэҕэ.
1943 сыл алтынньы 3 күнүн былаһын тухары,өстөөх артиллерия уонна авиация уоттара хаххалааһынынан,биһиги өрүһү туораан тахсыбыт подразделениеларбытыгар баһыйар ахсааннаах күүһүнэн 9 төгүл хардары атаакалаабыта.Стрелковай рота төгүрүйүллэр куттала үөскээбитигэр Ф. К. Попов уоту аһа сыппыт позициятын уларыта охсон,автоматтаах уонна өстөөхтөн былдьаан ылыллыбыт ручной пулеметтаах,хардары атаакалыыр пехота ойоҕос өттүгэр киирбитэ уонна автомат,ручной пулемет уотунан атааканы төттөрү охсубута,өстөөх 50-ча саллаатын,офицерын кырган атаакалааччыларга улахан сүтүгү таһаарбыта.Онон кини биһиги подразделениеларбыт Днепр уҥа кытылыгар туоруулларыгар көмөлөспүтэ”.
Днепри туорааһын кэнниттэн саха ньургун буойуна өссө хас да сууккаҕа хорсуннук сэриилэспитэ.467-с стрелковай полката Глущец дэриэбинэ туһаайыытынан кимэн киирбитэ уонна ити нэһилиэнньэлээх пууну босхолообута.Итинник биир кырыктаах хардары атааканы төттөрү охсуу кэмигэр 1943 сыл алтынньы 11 күнүгэр Ф. К. Попов ыараханнык бааһырбыта итиэннэ алтынньы 13 күнүгэр медсанбакка сырдык тыына быстыбыта.Днепр өрүһү туорааһыҥҥа командование бойобуой сорудахтарын туйгуннук толоруу уонна онуоха көрдөрбүт хорсуннук уонна геройдуу быһыытын иһин Ф. К. Поповка, “Кыһыл Көмүс Сулус” мэтээли уонна Ленин орденын туттаран туран,Советскай Союз Геройун үрдүк аата СССР Үрдүкү
Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан 1944 сыл тохсунньу 15күнүгэр, өлбүтүн кэннэ, иҥэриллибитэ.
Ити сурах Саха сиригэр үөрүү, киэн туттуу доҕуһуолланан түргэнник тарҕаммыта.Баатара түҥкэтэх сиригэр эмиэ тиийбитэ. Нэһилиэк дьоно сахалартан аан бастаан Советскай Союз Геройа буолбут уолларынан сокуоннайдык киэн туттубуттара.Ол эрээри, ол үөрүү-көтүү, уоллара аны кинилэргэ эргиллэн кэлбэт дьылҕаламмыта хомолтолооҕо. Ордук ити хом санаа күлүгэ кини чугас аймахтарыгар, урууларыгар, бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэригэр ыарахан этэ. Баатара нэһилиэгин олохтоохторо, ньургун уолбут өлөн да баран өһөгөйдөөх өстөөхтөрү кытта өһүн-сааһын ситиһэ,кинилэри кытта өлөрсө сыттын диэн “Саха-Герой Федор Кузьмич Попов” диэн ааттаах танка тутуутугар үбү хомуйууну саҕалаабыттара. Ити патриотическай бычыымы Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун бары үлэһиттэрэ иилэ хабан ылбыттара. Сотору нэһилиэк сэбиэтигэр маннык телеграмма кэлбитэ:“II Баатара нэһилиэгин “Саха — Герой Попов Федор Кузьмич” диэн танканы тутууга 56.000 солкуобайы хомуйбут үлэһитттэригэр Кыһыл Армия махталын уонна мин бырааттыы эҕэрдэбин тиэрдиҥ. Верховнай Кылаабынай командующай Сталин”
Билигин Советскай Союз Геройа Ф. К. Попов аатынан орто оскуола5а,баай экспонаттардаах улахан музей,Сүөдэр кылгас гынан баран чаҕылхай,албан ааттаах олоҕун дьоҥҥо-сэргэҕэ,эдэр көлүөнэлэргэ сэһэргии турар.Саха бастакы Геройун туһунан үгүс хоһооннор, поэмалар айыллыбыттара, учуонайдар научнай-чинчийэр ыстатыйалара бэчээккэ таһаарыллыбыттара. Сахалартан бастакы Герой пааматынньыктара улуус киинигэр — Аллараа Бэстээххэ, Майаҕа, Сыымахха туруоруллубуттара.
Түмүк
Таайым Федор Попов… Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ сахаттан бастакы Советскай Союз Геройа… Бу хас биирдиибит сүрэҕэр чугас, үтүө аат көлүөнэттэн көлүөнэ киэн туттуута, сүгүрүйүүтэ буолар. Мэҥэ — Хаҥалас дьоно Ф. К. Попов төрөөбүт күннэрин улуус үрдүнэн ытыктаан, чиэстээн,киэн туттуунан бэлиэтииллэр. Ф. К. Попов аатынан орто оскуолаҕа Герой паартата баар буолбута быданнаата.Саха сирэ бэйэтин Геройун үйэ — саас тухары умнуо суоҕа.
Литература:
- Аржаков С. С. Мэҥэ-Хаҥалас үтүөкэн дьоно, Дьокуускай,2001с.
- Мэҥэ-Хаҥалас — Ийэ дойду көмүскэлигэр, Улуу кыайыы 60 сылыгар.”Восток — издат”, 2005 с