Элгээйим суруйааччыларыгар үйэлээх өйдөбүнньүктэр | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научные руководители: ,

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 87 раз

Библиографическое описание:

Ким, Анастасия. Элгээйим суруйааччыларыгар үйэлээх өйдөбүнньүктэр / Анастасия Ким, Л. Н. Павлова, З. В. Ким. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 51-53. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2994/ (дата обращения: 19.12.2024).



Киириитэ

Пааматынньык, өйдөбүнньүк, мэҥэ таас… Дириҥ даҕаны өйдөбүллэр, ким даҕаны, туох даҕаны умнуллубатын бигэргэтэллэр. Кинилэр хаһан эрэ олорон, үлэлээн-хамсаан, айан-тутан норуотугар, дьоҥҥо-сэргэҕэ умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыт, киһи-аймах уонна дойду историятыгар сабыдыаллаабыт дьон сырдык уобарастара буолаллар. Өйдөөн-дьүүллээн, сыныйан көрдөххө, билэ-көрө сатаатахха, өйдөбүнньүктэр бэрт элбэҕи кэпсииллэр. Дьэскэ, тааска, тимиргэ кубулуйбут уобарастар бэйэлэрин кэмнэрин Улуу дьоруойдара, олохпут сорҕото буоланнар биһиэхэ, билиҥҥи кэм кэнчээри ыччатыгар, история чахчыларын быстыспат ситимин быһыытынан умнулла, сүтэ-иҥэ сыспыты сөргүтэллэр. [2, с. 124].

Онтон биһиги сайдыылаах 21 үйэ оҕолоро көстүүлээх да сирдэргэ турар өйдөбүнньүктэргэ болҕомтобутун улаханнык уурбаппыт, аттыларынан күн аайы кэриэтэ ааһабыт, ол эрээри, боруонсаҕа, тааска кубулуйбут дьон кимин-тугун билэ-көрө сатаабат курдукпут дии саныыбын. Ол иһин научнай конференция диэни истэммин уонна олорор нэһилиэгим Элгээйим 250 сылынан манна олорон, сорохторо үлэлээн, айан-тутан ааспыт үтүөкэннээх суруйааччылар тустарынан «Элгээйим суруйааччыларыгар үйэлээх өйдөбүнньүктэр»диэндакылаат суруйдум.

Чинчийии билиҥҥи кэмҥэ суолтата: Киһи-аймах историятыгар үйэлэргэ өлбөөдүйбэт сыаннастар көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ туралларыгар көмөлөөх.

Чинчийии объега: Н. М. Андреев-Түгүнүүрэп, С. А. Зверев-Кыыл Уола, И. Г. Иванов-Уйбаан Нуолур өйдөбүнньүктэрэ.

Чинчийии предметэ: Өйдөбүнньүктэр хаһан тутуллубуттарын, ким туппутун, туох матырыйаалтан оҥоһуллубутун билии.

Үлэм сыала: Олорор нэһилиэгим биллиилээх суруйааччыларыгар анаан тутуллубут өйдөбүнньүктэр историяларын чинчийэн үөрэтии, ырытыы.

Үлэм соруктара:

  1. Суруйааччылар олохторун, айар үлэлэрин кытта билсиьии.
  2. Өйдөбүнньүктэргэ бара сылдьыы.
  3. Библиотекаҕа, музейдарга сылдьан өйдөбүнньүктэр историяларын чинчийэн үөрэтии.
  4. Саха литературатын, история уруоктарыгар эбии матырыйаал быһыытынан брошюра оҥоруу.

Практическай сыаннаһа: Үлэм нэһилиэк историятын үөрэтиигэ, саха литературатын, история уруоктарыгар эбии матырыйаал быһыытынан туттуллуон сөп.

Суруйааччы Н. М. Андреевка-Түгүнүүрэпкэ аналлаах өйдөбүнньүк

Андреев Николай Михайлович-Түгүнүүрэп (1905–1928) — саха бастакы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ, бэйэтин кэмин биир чаҕылхай ыччата, саха уус-уран литературатын саамай эдэр суруйааччыта.

Сунтаар улууһугар I Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата эрдэ өлөннөр, урууларыгар иитиллибитэ. Кини Кутана 4 кылаастаах оскуолатын, онтон Элгээйи 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Дьокуускайдааҕы учуутал техникумугар үөрэнэ сылдьан Күндэ салайааччылаах литературнай түмсүүгэ дьарыктаммыт. Түгүнүүр диэн өбүгэтин аатынан хос ааттаммыта. Техникумҥа иккис кууруска үөрэнэ сылдьан 1928 с. саас «Кэпсээннэр” диэн кинигэтэ бэчээттэнэн тахсар. 1928 с. Түгүнүүрэп Дьокуускайтан дойдутугар сынньана кэлэ сылдьан Бүлүү өрүһүгэр, Элгээйи аннынан сөтүөлүү сылдьан ууга былдьаммыта. [6, c. 4]. Түгүнүүрэп аата күн бүгүӊӊэ диэри умнуллубакка кэлбитигэр Элгээйи орто оскуолатыгар 1957–1959 сс. дириэктэринэн үлэлээбит, кэлин философскай наука кандидата буолбут Г. Р. Кардашевскай үтүөтэ сүрдээх улахан.

Кардашевскайдар Элгээйигэ олорбут дьиэлэрэ уруккута П. Х. Староватов туттарбыт оскуолатын дьиэтэ этэ. Ол дьиэ таҺыгар урукку сылларга таӊара дьиэтэ баара, ол уокка былдьанан күлэ эрэ сытара. Урут таӊара дьиэтин тула дьон уӊуохтара баар буола сылдьыбыт туоҺута томтор баара. Онно суруйааччы Н. М. Андреев-Түгүнүүрэп уӊуоҕа көрүллүбэккэ-харайыллыбакка турарын көрөн, Георгий Романович сөргүтэн өйдөбүнньүк туттарбыта уонна суруйаччы аатын хос тилиннэрэр туҺугар сүрдээх киэӊ үлэни ыыппыта. Георгий Романович оскуола оҕолоругар литературнай куруһуок тэрийэн үлэлэппитэ. Литературнай куруһуогун оҕолорун кытта 1958 с. Түгүнүүрэпкэ аналлаах пааматынньык оҥоһуутугар үлэлээбиттэрэ, физика куруһуогун чилиэннэрэ уот-күөс, электричество лаампата тардыбыттара. Өйдөбүнньүгү тутууга үлэлээбиттэрэ: Николаев Петр Романович, Николаев Павел Романович, Попов Вячеслав Павлович; үөрэнээччилэртэн Саввинов Захар, Осипов Панфил, Максимов Валерий, Трофимов Константин. Өйдөбүнньүк суругун уонна сулуһун Уаров Потап Егорович уус оҥорбут.

Ол мастан уонна чаалбаантан оҥоһуллубут өйдөбүнньүк аһыллыытыгар куруһуок оҕолоро, учууталлар, олохтоохтор, Н. М. Андреев уруулара-аймахтара сылдьыбыттара. Аймаҕа, учуутал Семен Гурьев тыл эппитэ. [7, с. 9]

Ааптара: Кардашевскай Георгий Романович

Оҥоһуллубут сыла: 1958 сыл.

Матырыйаала: мас, чаалбаан.

Турар сирэ: Бүлүү өрүс кытылыгар.

С. А. Зверев-Кыыл Уолун бүүһэ

Зверев Сергей Афанасьевич-Кыыл Уола (1900–1973) — норуоттан силис тардыбыт биллиилээх ырыаһыт, үҥкүү туруорааччы, олоҥхоһут. РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ, ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ.

Түбэй нэһилиэгэр Ыгыаттаҕа от ыйын 8 күнүгэр дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Сэргэй борбуйун кыанаат Ньурба эргин, онтон Бүлүү умнаһынан сылдьыталаабыт. Ыыра бэрт киэҥ-куоҥ: Дьэһиэй, Амыр сахаларыгар тиийтэлиир, Бодойбоҕо көмүс хостооһунугар шахтерунан, Кэмпэндээйигэ туус собуотугар мас ууһунан, холкуос бэрэссэдээтэлинэн, булчутунан эмиэ үлэлээбитэ. 20–30–ус сылларга үҥкүүһүт, тойуксут быһыытынан Үс Бүлүүгэ киэҥник сураҕырбыт буоллаҕына, 40-с сыллартан норуот ырыаһытын, артыыс, култуурнай деятель быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллэн барбыта. Итиннэ фольклорист А. А. Саввин маҥнайгы олугу охсубута. Кини С. Зверевтэн «Бэргэһэ ырыата», «Остуол тойуга», «Кыталык ырыата», «Суоһалдьыйа Толбонноох» уо.д.а. норуот айымньыларын холобурдарын суруйталаабыта. Онтон композитор М. Жирков салайааччылаах саха уус-уран фольклорун хомуйар экспедиция С.Зверев толоруутугар 24 норуот ырыатын уонна уонтан тахса ырыалары устубута. С. А. Зверев 1946–47 сс. Саха музыкальнай драматическай театрыгар консультант быһыытынан үлэлээбитэ уонна “Сир симэҕэ” диэн саха бастакы балетын уонна “Ньургун Боотур” диэн кэлин опера буолбут музыкальнай драманы туруорууга улаханнык көмөлөспүтэ. С. А. Зверев отучча сценическэй үҥкүүнү айан, бэйэтин мелодияларынан музыкатын суруйтаран, сценаҕа туруоран норуотугар бэлэхтээбитэ. С. А. Зверев бэчээккэ бастакы тахсыбыт айымньыларынан 1943 с. «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит «Кыайыахпыт», «Улуу булгунньах» диэн ырыалара буолаллар. С. А. Зверев тыыннаҕар «Мин сүрэҕим», «Икки үйэ», «Айхал эйиэхэ, аар тайҕа», “Аман өс” уонна А. Лаврик тылбааһынан “Сказание о великой Москве” диэн кинигэлэрэ күн сирин көрбүттэрэ. [4, с. 10]

1957 с. Саха сирин ыччаттарын I фестивалын ыытыынан сибээстээн. Сунтаар улууһун ыччаттарын түмэн «Оһуор үҥкүүтүн» бэлэмнээн киллэрбитэ. Салгыы Москубаҕа ыытыллыбыт саха литературатын уонна искусствотын биэчэрдэрин концертнай программатыгар киллэриллибитэ. [8, с. 18]

2000 сыллаахха С. А. Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 100 сааһын бэлиэтиир тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллыбыттара. С. А. Зверев үбүлүөйүнэн Сунтаар улууһугар 6 күннээх Сүгүрүйүү ыһыахтара тэриллибиттэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Александр Николаевич Миронов Еремей Герасимович Антонов эскиз-бырайыагынан, үбүн-харчытын сүүрэн-көтөн булан, улуу тойуксут Элгээйигэ айар үлэһит быһыытынан кута түспүт, Айыы тыына олохсуйбут алаһатыгар фольклор түмэлин тутуутун саҕалаабыта. Бүлүү өрүс кытылыттан бэлиэ сылларын кэрдиис кэмнэрин бэлиэтиир курдук Аар баҕах, фонтан, сэргэ уонна Сергей Зверев бүүһэ туруоруллубуттара.

С. А. Зверев-Кыыл Уолун бүүһэ ырыаһыт, тойуксут, үҥкүү туруорааччы 100 сылыгар анаан Санкт-Петербург куорат монетнай дворугар скульптор Пахомов Эдуард Иннокентьевич форматынан боруонсаттан кутуллан оҥоһуллубута. Бүүс постамена (олоҕо) гранит билиитэлэринэн бүрүллүбүтэ. Бүүһү туруорууга архитектор Владимир Никифорович Игнатьев биригээдэтэ үлэлээбитэ.

Пааматынньык бэлиэ суруга 2019 сыл күһүнүгэр оҥоһуллан ыйаммыта. Суруга: «Зверев Сергей Афанасьевич — Кыыл Уола. Выдающийся якутский народный певец, запевала оЬуокая, член Союза писателей СССР, заслуженный деятель искусств Якутской АССР, заслуженный работник культуры РСФСР». [9, C. А. Зверев — Кыыл Уолун аатынан фольклор түмэлин матырыйаала]

Ааптара: Пахомов Эдуард Иннокентьевич.

Оҥоһуллубут сыла: 2000 с.

Матырыйаала: боруонса, олоҕо тимир-бетон, таһынан хара гранит плитканан бүрүллүбүт.

Турар сирэ: С. А. Зверев аатынан Элгээйитээҕи фольклор түмэлэ (С. А. Зверев аатынан уул. 1\2).

Суруйааччы И. Г. Иванов-Уйбаан Нуолур бүүһэ

Иванов Иван Герасимович-Уйбаан Нуолур (1929–1999)– поэт, прозаик, учуутал. Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ (1981 с.). [1, с. 289]

Кулун тутар 6 күнүгэр Сунтаар улууһугар Хаҥалас нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 10 кылааһы, Бүлүү педучилищетын, учительскай институту, Саха госуниверситетын бүтэртээбит. Дьокуускайдааҕы кинигэ издательствотыгар, Элгээйи, Сунтаар, Кэмпэндээйи, Сиэйэ оскуолаларыгар завуһунан, дириэктэринэн, Кэбээйи, Сунтаар РайОНО-гар инспекторынан үлэлээбит. Оскуолаҕа барыта 50-ча сыл устата үлэлээн ааспыта. Маҥнайгы «Алаастан кэллим» диэн хоһоонун хомуурунньугунан 1972 с. саха литературатыгар санааны сайа этэн киирбитэ. [5, с. 3]. Суруйаччы «Алаастан тахсар аартык», «Алааска тыкпыт күн», «Сайылык кыыһа» диэн кинигэлэрэ ылыммыт тематыгар утумнаахтык үлэлээбитин көрдөрөллөр. Суруйааччы үгүс хоһоонноро, кэпсээннэрэ оҕолорго аналлаахтар: «Саллаат оҕото Чооруона», «Суорҕан иһиттэн булуллубут», «Оҕо хараҕынан», «Туус Кэнэли». 2004 сыл олунньу 24 күнүгэр Элгээйи олохтоох бибилэтиэкэтигэр И. Г. Иванов-Уйбаан Нуолур аата иҥэриллибитэ. [3, с. 67]

2019 с. алтынньы 4 күнүгэр Элгээйи нэһилиэгэр устуоруйаҕа киирэр биир бэлиэ, дьоро күн буолан ааспыта. Суруйааччы Иван Герасимович Иванов-Уйбаан Нуолур төрөөбүтэ 90 сылынан кини аатын сүгэр Элгээйи модельнай бибилэтиэкэ иннигэр киниэхэ аналлаах боруонсаттан кутуллубут өйдөбүнньүк буус туруоруллубута. Бүүс аапатардарынан скульптордар, Арассыыйа худуоһунньуктарын чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Николай Дмитриевич уонна кини быраата Егор Гаврильевич Огонеровтар буолаллар. Бүүс Дьокуускай куоракка оҥоһуллан, Улан Удэ куоракка кутуллан оҥоһуллубут. Бүүс оҥоһуутун үбүлээтилэр Уйбаан Нуолур оҕолоро, аймахтара, Сунтаар улууһун дьаһалтата. Бүүһү туруоруу үлэтин ыытта Элгээйи нэһилиэгин дьаһалтата. Алаас туһунан философскай көрүүлээх суруйааччы, улахан буукубаттан сырыллар Учуутал олорбут сэмэй олоҕо, үлэтэ-хамнаһа, суруйан хаалларбыт айымньылара хас эмэ үйэлэри нөҥүөлээн кэлэр көлүөнэ ыччакка кэрэни кэрэһэлии, үтүөнү үксэтэ, билии-сайдыы аартыгар ыҥыра туруоҕа. [10, Уйбаан Нуолур аатынан олохтоох модельнай библиотека матырыйааллара].

Ааптардара: скульптордар Николай Дмитриевич, Егор Гаврильевич Огонеровтар.

Оҥоһуллубут сыла: 2019 сыл.

Матырыйаала: боруонса, олоҕо тимир-бетон, плиткаларынан бүрүллүбүт.

Турар сирэ: Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи бибилэтиэкэтин иннигэр (С. А. Зверев уул. 1).

Түмүк

Дэлэҕэ даҕаны мээнэҕэ эппэттэр “ааспыты анаарар, билиҥҥитин биһириир, сарсыҥҥытын саныыр киһи инникилээх” диэн. Билиҥҥи сайдыылаах диибит, ол гынан баран сороҕо эмиэ охсуулаах үйэҕэ биһиги үүнэн иһэр кэнчээри ыччаттар норуоппут, дойдубут историятын билэ-көрө, сөпкө сыаналыы улаатарбытыттан олохпут бигэ туруктаах буолара саарбаҕа суох. Онон сиэттэрэн “Элгээйим суруйааччыларыгар үйэлээх өйдөбүнньүктэр” диэн дакылааты суруйан баран маннык түмүктэри оҥоробун:

  1. Биһиги үһүс үйэҕэ үктэммит быйыл 250 сааһын туолбут Элгээйибитигэр үс улахан суруйааччыга аналлаах өйдөбүнньүктэр бааллар эбит. Чинчийэн, үөрэтэн көрөр сыалтан, өйдөбүнньүк пааматынньыктарга, кинилэргэ аналлаах түмэлгэ, библиотекаҕа сырыттым.
  2. Биһиги кэлэр кэнчээри ыччат нэһилиэкпит историятын дириҥник үөрэтэн, айан-тутан, үлэлээн ааспыт суруйааччылары, атын да биллиилээх дьоннорбутун олохторун, айар үлэлэрин чинчийэн үйэтитии үлэтин ыытыахпытын наада эбит.
  3. Үлэм нэһилиэк историятын үөрэтиигэ, саха литературатын, история уруоктарыгар эбии матырыйаал быһыытынан туттуллуон сөп диэн брошюра оҥорон таһаардым.

Литература:

  1. Аввакумов Е. К. Элгээйи нэһилиэгэ, Дьокуускай, 2006.;
  2. Афанасьева З. М., Васильева В. П., Гаврильева Л. И., Григорьева Л. Н., Кондратьева М. В., Семенова Е. Е., Федорова Е. Е. Сэрии оспот суоллара, Дьокуускай, 2017.;
  3. Герасимова Л. П. Саха уонна алаас, Дьокуускай: Бичик, 2000. — 112с.
  4. Зверев Т.С, Илларионов В. В. Сарсын, сарсын сарсыарда, Дьокуускай: Бичик, 2000. — 352с.;
  5. Иванов И. Г.-Уйбаан Нуолур, Алаастан кэллим, Дьокуускай: Бичик, 2004.;
  6. Кардашевскай Г. Р. Кэпсээннэр, сэһэн, пьеса, хоһооннор. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985. — 152с.;
  7. Павлова Л. Н., Григорьева Т. Н., Миронова В. В., Биһиги Кардашевскайбыт, Дьокуускай, 2021.
  8. Павлова Л. Н. С. А. Зверев — Кыыл Уола ыччаты уһуйааччы, тэрийээччи, Дьокуускай, 2000.
  9. C. А. Зверев — Кыыл Уолун аатынан фольклор түмэлин матырыйааллара.
  10. Уйбаан Нуолур аатынан олохтоох модельнай библиотека матырыйааллара.


Задать вопрос