Олоҥхоҕо бухатыыр аата | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 434 раза

Библиографическое описание:

Терентьева, Сайаана. Олоҥхоҕо бухатыыр аата / Сайаана Терентьева, С. Н. Петрова. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 107-109. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/3008/ (дата обращения: 19.12.2024).



Сыала: Олоҥхоҕо бухатыыр ата Айыы бухатыырын толору аатын биэрэр ньыма быhыытынан туттуллуутун итэҕэтии.

Соруктара:

– «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону ааҕыы;

– Айыы бухатыырын олоххо анала атын аатыгар көстүүтүн быhаарыы;

– Олоҥхоҕо миинэр миҥэтэ бухатыыр аатыгар суолтатын ырытыы.

Чинчийэр объект: П. А. Ойуунускай «Ньургун Боотур» олоҥхото

Чинчийэр предмет: «Ньургун Боотур» олоҥхоҕо Айыы

– бухатыырын аата атын кытта ситимэ.

Сабаҕалаа h ын: Аныгы киhи тулалыыр эйгэҕэ сыhыана, төрүт өйө, дьарыга сайдыан сөп өскөтүн, олоҥхо ис хоhоонун чинчийэн анааран өйдөөтөҕүнэ

Сонуна: Олоҥхоҕо бухатыыр ата иччитин кытта ыкса ситимнээҕэ аатыгар көстөрө сонун чинчийии.

Актуальнаһа: Олоҥхону араас өттүнэн чинчийии төрүт өйдөбүлү иҥэрэргэ биир сүрүн күүс буолар.

Айыы бухатыырын эрэллээх доҕоро ата буолар. Бухатыыр аата атын кытта бииргэ этиллэр. Онно бухатыыр хайдаҕа көстөр. П. А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун боотур» олоҥхотугар Айыы бухатыырын аатын кини атын кытта ырыттыбыт.

Дьулусханнаах дьулуо маҕан халлаан дьураатыгар тура төрөөбүт Дьулусхан субуйа сүүрүк дьураа хара аттаах Дьулуруйар Ньургун Боотур.

Ньургун Боотур Үөһээ халлаантан Одун хаан оҥоһуутунан Орто дойдуга Айыы аймаҕын араҥаччылыырга анаммыт. Кини ата эмиэ үөһээ маҕан халлааҥҥа төрөөбүт, күүстээх, сыыдам, уратыта тура төрөөбүттэн, өҥүттэн көстөр. Дьураа диэн сурааһын. [3, с.449]

Дьураата ураты ат буоларын көрдөрөр. Онтон кини абааһы бухатыырын кытта охсуһар буолан, атын өҥө хара. Ньургун Боотур Дьулусханнаах дьулуо маҕан халлаан дьураатыгар тура төрөөбүт Дьулусхан субуйа сүүрүк Дьураа хара ата кини аналын толору көрдөрөр эбит.

Үс үүт бүтэйи үрдүнэн көстөр Үрүмэччи маҕан аттаах Үрүҥ Уолан

Ньургун Боотуру кытта аҕалаах ийэтэ кыра уолларын Үс үүт бүтэйи үрдүнэн көстөр Үрүмэччи маҕан аттаах Үрүҥ Уоланы уонна Айталыын Куону орто дойдуга түһэрэллэр. Кини Туйаарыма Куону кытта ыал буолан, оҕо төрөтөн үс саханы ууһатар аналлаах. Ол иһин ата охсуһууга буолбакка олох олорорго аналлаах. Үлэҕэ, араас сырыыга сылайбат ат буолара үс үүт күрүөнү үрдүнэн көстөр үрдугэ буолар. Үруҥ Уолан бэйэтин курдук көнө, сымнаҕас майгылааҕын көрдөрөр үрүмэччи маҥан өҥүнэн бэриллэр. Онон бу ат аатын кытта Үрүҥ Уолан олоххо анала көстөн кэлэр.

Кыргыһыыга миинэр кыһыл буулур аттаах, кыырыктаах үҥүү кымньыылаах Кыыс оҕо Кырыытынай Тыкаарай, кылааннаах Кыыс Ньургун.

Кыргыһыыга миинэр Кыһыл буулур аттаах эр дьонтон итэҕэһэ суох күүстээх, хорсун санаалаах кэрэ дьүһүннээх Айыы бухатыыра кыыс. Ата кыыс майгытын, аналын көрдөрөр, кыргыһыыга миинэр эрэллээх доҕоро, онтон кыһыл өҥ охсуһууну көрдөрөр бэлиэтэ. Бухатыыр кыыс аата салгыы кини охсуһууга анаммыт олоҕун ситэрэн биэрэр. Кини эмиэ да кылааннаах кыыс буолара, эмиэ да бухатыыра этиллэр. Буулур ат-төрүт түүтүн өттө туртайан көстөр кэрэ өҥү көрдөрөр, төбө өттө кытарымтыйан көстөр. [3, с.598]. Онон күүстээх-уохтаах кэрэ бухатыыр кыыс аата атын кытта эмиэ сибээстээн толору арыллар эбит.

Тураҕас дьоруо аттаах, туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо.

Олоҥхоҕо бухатыыр эрэ аттаах буолбатах, Туйаарыма Куо эмиэ аттаах. Тураҕас диэн сылгы сүөһү биир дьэрэкээн өҥө. Сиэлэ, кутуруга харааран, ойоҕосторо кытарымтыйан көстөр өҥнөөх сылгы. [3. С.158]. Иккис өттүнэн, тураҕас диэн соҕотохсуйбут, бэйэтэ эрэ диэн буолар эбит. [3, с.159]. Туйаарыма Куону Уот Уһутаакы уоран илдьэр, аллараа дойдуга Айыы кыыһа эрэйдээх соҕотохсуйар. Дьоруо диэн ат икки уҥа эбэтэр хаҥас атаҕын хардары — таары тэҥҥэ ылар кэрэ хаамыыта. [3, с.414] Туйаарыма Куо хамсаныытыгар ханыылыы.Онон Туйаарыма Куо атын аата кини кэрэтин, Орто дойдуттан арахсан, соҕотохсуйарын да көрдөрөр эбит.

Оҕотох кулун аттаах ойоҕос уҥуоҕа батыйалаах Оҕо Тулаайах, Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох Эриэдэл Бэргэн [5, с.51]

Туйаарыма Куо уонна Үрүҥ Уолан төрөппүт оҕолоро. Ийэтэ кинини төрөөтүн кытта Эдьээн иэйэхсит уордаран ылан Орто дойдуга олохтуур.

Оҕо Тулаайах эрэйдээх олоҕо, аатыгар көстө сылдьар. Кини ата бэйэтин курдук оҕо — кулун. Инникитин Айыы оҕото бухатыыр буолар чинчилээх. Ону ойоҕос уҥуоҕа да буоллар батыйата, аатыгар Бэргэн диэн тыл баара этэр. Оҕо Тулаайах ыараханы тулуйа үөрэммит эрдээх быһыыта, булугас өйө төрөппүттэрин быыһыырыгар көстөр. Кини аата атын аатын кытта бииргэ эттэххэ олоҕун туһунан толору кэпсиир эбит.

Түмүк

Олоҥхо бухатыырын айана-сырыыта, кини абааһы бухатыырын кытта охсуһуутугар алдьархайга түбэһиитэ, өлө-тиллэ сыһыыта-барыта аналлаах атыттан, миинэр миҥэтиттэн, эрэллээх доҕоруттан тутулуктаах. Ханнык баҕарар олоҥхоҕо бухатыыр араас уустук мэһэйдэри атын көмөтүнэн туоруур. Кини кыайыыта-хотуута атыттан тутулуктанан сайдар. Үгүс олоҥхоҕо бухатыыр атын тардыстар талаһата, көлүнэр көлөтө, миинэр миҥэтэ, аналлаах ата дэнэр.

Ат уонна бухатыыр олоҥхоҕо арахсыспат доҕордуулар. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоҕо ат иччитигэр дириҥ ытыктабылынан сыһыаннаһара маннык көстөр:

Иҥэрсийэн кэбистэ,

Муннун муннугар аста.

Иччитэ икки илиитинэн

Имэрийэ-имэрийэ сыллаата. [4, с.46]

Аттар иччилэригэр эрэллээхтэр, ыҥырдылар да, «этэн баран э5ирийиэх иннинэ, чыпчылыйан баран көрүөх бэтэрээ өттүнэ» баар буола охсоллор. Ат айанныырыгар тоҕус холоругу түһэрэр, сытыы сындыыс кэриэтэ буолар.

Хаһан да5аны ата иччитин иэдээҥҥэ соҕотохтуу хаалларбат. Наадалаах кэмигэр үтүө сүбэһит, киһилии кэпсиир, сахалыы саҥарар. Үрүмэччи маҥан ат Үрүҥ Уолан бухатыырга:

Эппит тылбын эккэр иҥэр,

Саҥарбыт саҥабын санааҕар хатаа...

Аҕыс уон аҕыс ааһар былыт албастаах

Адьарай кыргыттара

Үс айыы кыыһа буоланнар

Үс өттүгүттэн айах тутуохтара,

Айах туппут астарын

Аһыыр эрэ буолаайаҥый,

Алаһа бараан дьиэлэрин аһаайаҥый. [4, с.41]

Иччилэрин аһыйан ытыыллар, айманаллар. Алдьархай буолары гыммытын сэрэтэллэр эбит. Араас сорудахха сылдьаллар:

Ньургун Боотур

Аҕыс былас суһуохтаах

Айталыын Куо барахсаны

Сулбу охсон ылан

Сутуругун иһигэр мээкэлээн баран,

Атын хаҥас кулгааҕын иһигэр

Анньа охсон баран,ата барахсаны

Айыы сирин диэки салайан кэбиһээт,

«Аналлаах атым, соргулаах соно5оһум,

Ыҥырдарбын эрэ ыраах да буолларгын

Чуо — бааччы чугас буолаар!»-диэн

Сарбас гынан самыыга охсон хаалла. [5, с.29]

Итини таһынан ат барахсан иччитэ өлөр-хаалар күнүгэр араҕас илгэнэн көмөлөһөр. Дьикти аптаах буолан иччитин тилиннэрэр, арааска кубулутан быыһыыр, араҥаччылыыр кыахтаах.

Бухатыыр киһи сүүрэр атаҕа, тардыстар талаһата, миинэр мицэтэ аналлаах ата буолар. Аналлаах аттаах буолан бухатыыр олус элбэх моһолу чэпчэкитик туоруур. Ат Айыы бухатыырыгар арахсыспат аргыһа,эрэллээх доҕоро,үтүө сүбэһитэ. Иччитин курдук күүстээх-уохтаах, булугас өйдөөх, хорсун-хоодуот. Ону таһынан сатабыллаах, аптаах-хомуһуннаах. Айыы бухатыыра атын кытта сөрү сөп түбэсиһэллэр эбит. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоҕо олоҥхо биһирэмнээх геройдара бары алдьархайтан быыһаналларыгар, Айыы бухатыырдара абааһы бухатыырын кытта дуолан охсуһууларыгар кыайыылаах тахсыылара аттан улахан тутулуктаах эбит. Ону таһынан ат уонна бухатыыр сыһыаннарыгар норуот муудараһа, үчүгэй олоххо тардыһар баҕата көстөр.

Түмүктээн эттэххэ, олонхоһут олоҥхо бухатыырын аатын миинэр миҥэтин аата ситэрэн-толорон, биэрэр. Олоҥхоһут бухатыырын аатыгар кини атын ситимниир, дьүөрэлиир. Чинчийэн көрдөххө, ат уратытын, дьүһүнүн көрдөрөр бухатыыр аата туох эрэ суолталаах уонна Айыы бухатыырын толору аатын биэрэр эбит.

Литература:

  1. ”Буура Дохсун” олоҥхо С.12
  2. Егорова В. Н., Егорова Т. П., Харитонова М. Н., Цыпандина Ю. И. Олоҥхо кэскилэ-кэнчээри ыччакка // Ат-Айыы бухатыырын бастыҥ доҕоро.- Дь. «Дани Алмас»2007.с11
  3. Cлепцов П. А. уонна научнай бөлөх. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта 2004- 2014
  4. Слепцов П. А. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” 1956–1962сс
  5. Шишигина В. Р., Максимова М. Е. Саха литература // Дьулуруйар Ньургун Боотур Бичик, 1999. — с.51, 2006.-с.12, с.28


Похожие статьи

Аға туралы толғау

Интернеттегі саяси жарнама

Экологиялық парасат

Дьүөгэ Ааныстыырап оҕолорго аналлаах айымньылара

Дьиэтээҕи усулуобуйаҕа араас уопуттары оҥоруу

Кең тынысты ақын

Экологиялық білім

Кыайыыны уhансыыга анаммыт оҕо саас

Оқушылардың зерттеу қабілеттерін дамыту

Мақалада зерттеушілік оқытудың басты мақсаты баяндалады. Зерттеу қызметіне бейім оқушыға сипаттама беріледі: жұмысты орындауға ынталандырудың жоғары деңгейі; жаңа білім мен дағдыларға белсенді ұмтылу; алынған ақпаратты талдай, жинай, жинақтай және қо...

Шардара су қоймасының экологиялық жағдайын бағалау

Мақалада Шардара су қоймасының экологиялық жағдайы қарастырылған. Шардара ауданы мен Шардара су қоймасынын салынуы туралы жалпы мәліметтер келтірілген. Автор аймактағы экологиялық ахуалды сараптай келе, судын ластану себептерін тоқталған. Судын құрам...

Похожие статьи

Аға туралы толғау

Интернеттегі саяси жарнама

Экологиялық парасат

Дьүөгэ Ааныстыырап оҕолорго аналлаах айымньылара

Дьиэтээҕи усулуобуйаҕа араас уопуттары оҥоруу

Кең тынысты ақын

Экологиялық білім

Кыайыыны уhансыыга анаммыт оҕо саас

Оқушылардың зерттеу қабілеттерін дамыту

Мақалада зерттеушілік оқытудың басты мақсаты баяндалады. Зерттеу қызметіне бейім оқушыға сипаттама беріледі: жұмысты орындауға ынталандырудың жоғары деңгейі; жаңа білім мен дағдыларға белсенді ұмтылу; алынған ақпаратты талдай, жинай, жинақтай және қо...

Шардара су қоймасының экологиялық жағдайын бағалау

Мақалада Шардара су қоймасының экологиялық жағдайы қарастырылған. Шардара ауданы мен Шардара су қоймасынын салынуы туралы жалпы мәліметтер келтірілген. Автор аймактағы экологиялық ахуалды сараптай келе, судын ластану себептерін тоқталған. Судын құрам...

Задать вопрос